Саха сирин дьулаан т?бэлтэлэрэ
Д. Д. Михайлов
Кинигэ?э Саха сирин араас муннуктарыгар тахсыбыт дьулаан т?бэлтэлэр та?ыллан киирдилэр. Хомуурунньук норуот тылынан уус-уран айымньытын кытта ыкса сибээстээх "Т?гэх т??лбэ т?бэлтэлэрэ" уонна куорат олохтоохторугар киэ?ник тар?аммыт араас кэпсээннэргэ оло?урбут "Куорат сир кэпсээннэриттэн" диэн икки т???мэхтэн турар.
Аа?ааччы киэ? эйгэтигэр ананар.
Дмитрий Михайлов
Саха Сирин дьулаан т?бэлтэлэрэ
Т?ГЭХ Т??ЛБЭ Т?БЭЛТЭЛЭРЭ
Кутталлаах уму?ах
Бу т?бэлтэ ааспыт ?йэ а?ыс уонус сылларыгар Ньурба?а буолбут дииллэрэ. Биир ?т?? к?н к??гэйэр к?н?гэр сылдьар эдэркээн Балыарый уол дэриэбинэттэн тэйиччи со?ус сиргэ бултуу диэн барбыта. Ол баран, кэпсэтии бы?ыытынан, уруккуттан билсэр уолун ??тээнигэр тиийбит. Дьиэлээх уол эппитинэн, ??тээн уму?а?ар ?сс? ха?аас арыгы баар буолуохтаах. Айыл?а?а тахсан, к???л салгынынан сайа тыынар ?т?? т?гэн тосхойбучча, Балыарый, с?ргэтэ к?т???ллэн, уот оттунан, ас тардынан барар. А?а-??лэ бэлэм буолан, остуолга олорон к?рд???нэ, туох эрэ тиийбэт, итэ?эс курдуга. «Ээ, били а?ым итэ?эс эбит дии», – дии санаат, маа?ын дьиэлээх уол эппитин санаан, ??тээн бадыбаалыгар т??эргэ сананан, ойон турар.
Аллара киирэр ааны булан, т??эн и?эн, туохтан эрэ и?нэн, чыпчылыйыах т?гэнигэр уму?ах т?гэ?эр биирдэ баар буолан хаалар. Саатар аана сабыллан хаалан, ытыс та?ынар ыас хара?а им балай буола т??эр. Балыарый, ойон туран, кыратык сахсына-тэбэнэ т??ээт, ыстаанын сиэбиттэн испиискэ ылан уматтан, «абыраллаах» а?ын булар, ону кытта, испиискэтэ умуллан хаалар, ол да буоллар, элэс к?р?н хаалбытынан муннукка туох эрэ м????чч?ккэ майгынныыр, ?сс? хайдах эрэ хамсыырга дылы турар курдуга. Уол иккистээн испиискэтин уматтыбыта, арай, до?оор, били м????чч?гэ дьахтар бы?ыытын ылынан, улааттар улаатан барбыт, уол, дэлби уолуйан хаалан, биир сиргэ хам хара?аламмыт курдук туран хаалар. Дьэ, онто отой да?аны дьахтар буолбатах, уп-у?ун ма?хайбыт баттахтаах кырдьа?ас эмээхсин эбит.
Балыарый, к?рб?т?н итэ?эйбэккэ, с?рэ?э айа?ынан тахса сы?ан, эргиллэ биэрээт, тахсар ааны былдьаспыт. Испиискэ умулларыгар к?рд???нэ, эмээхсин уол диэки сы?арыйан и?эр курдуга…
Ата?ын иминэн ?ктэл устун ???э дабайан, ??тээ??э киирэр. Киирээт да, т?ргэн ?л?гэрдик хомуна охсон, т??ннэри дьиэлиир.
Бу т?бэлтэни итэ?эйиэ суо?а, бостуой к?л??гэ барыам диэн, дьиэлээх уолга кэпсээбэккэ сананар, ол да буоллар, биир ый ааспытын кэннэ, иккиэн бииргэ т?бэ?эн бултуу сырыттахтарына, ол кутталлаах т?гэни барытын ыраас мууска ууран биэрэн, дуу?атын чэпчэтэр. Онуоха ол ??тээн ха?аайына уол отой да со?уйбатах, ?сс? маннык диэн кэпсиир: «Билигин ити бултуурга тохтуур ??тээн буолан турар дьиэ?э урут т?р?пп?ттэриниин бары бииргэ олорбут дьиэлэрэ эбит. О?о сылдьан, дьиэ уму?а?ар т??эн до?отторун кытта оонньуур идэлээ?ин кэпсиир. Биирдэ то?о эрэ т??н киирбиттэр, онно Балыарый кэпсээбит ынырык эмээхсинин к?рб?т. Онно баар о?олор ?л? куттанан ??г?-ха?ыы б??? буолбуттарыгар утуйа сытар ийэлээх а?ата у?уктан кэлбиттэр уонна кинилэр эмиэ эмээхсини илэ харахтарынан к?рб?ттэр. Кырдьа?ас муус ма?ан у?ун батта?а хара?ар саба т??э сылдьар эбит, ки?и иилэн ылбатынан эгэлгэтэ и?иллибэт туох эрэ дор?ооннору та?ааран, са?ара сатыыра ???. Улахан дьон уолларын уонна кини до?отторун харбаан ылан, ???э тахсаннар, бу алдьархайдаах дьиэлэриттэн куоппуттар. Кэлин олохтоох дьонтон истэн билбиттэрэ, ити дьиэ т?р?т олохтоохторун эбэлэрэ т?б?т?нэн ыалдьаахтаабыт эбит. К?н? бы?а ха?ыытаан, са?ыгыраччы к?лэн, ?сс? арыт букатын да?аны та?а?ын-сабын устан кэби?эр идэлэнэн, дьонун-сэргэтин тулуйар кыахтарыттан та?ааран, эбэлэрин ити уму?ах и?игэр олохтообуттар. Эмээхсин эрэйдээх никсик сыттаах, хара?а уму?ах сир салгыныттан сыыстаран ?р буолаахтаабатах, сотору ?л??хт??б?т эбит…»
Дьэ ити курдук Балыарый до?орун дьоно дьиэни атыылаабатахтар, хам-хаадьаа сылдьар, булчуттар тохтуур ??тээн дьиэлэрэ буолбут эбит. Эмээхсин ту?унан умнулла бы?ыытыйбытын кэннэ, бу Балыарый илэ к?р?н, ити эргин сирдэргэ дьулаан сурах хос тар?аммыт. Дьиэ билигин да турар сурахтаа?а, ол эрэн аллара т??эр кирилиэ?ин к?т?рэн, уму?а?ы суох гыммыттар.
Илэ к?ст??
Бу т?бэлтэ ааспыт ?йэ сэттэ уонус сылларыгар Таатта?а буолбут эбит. Би?иги Ытык К??лгэ, оройуон киинигэр олорорбут, онно дойдубар Уолба?а бараары гынабын диэн аймахпыт Сэрэппиин киирэн, бэлисипиэт уларсыбыта. Оччолорго били??и курдук элбэх массыына суо?а, эгэ чаа?ынай к?л? кэлиэ дуо, кытайдар курдук, дьон-сэргэ, кырдьа?а?ыттан-эдэриттэн тутулуга суох, бары кэриэтэ бэлисипиэти миинэллэрэ. Би?иги ол кэм?э икки бэлисипиэттээх этибит, дьонум Сэрэппии??э «Уралбытын» уларсыбыттара.
Уолба Ытык К??лтэн хоту диэки отут ?с килэмиэтир тэйиччитэ. Ол са?ана били??и улахан айан суола суо?а, б????лэккэ киирэр суол икки алаа?ы туораан аа?ара. Бастакы алаас ???й алаа?а диэн. Алааска илин диэки хайысханан киириллэрэ, онтон аллара диэки т??эн, хоту ?тт?нэн ар?аа тахсан, ч?к? со?ус ки?и у?уо?унан ойуурга киирэн, н???? алааска т???ллэрэ.
Сэрэппиин киэ?элик, к?н киирэн эрдэ?инэ, ити алааска тиийэн кэлбит. Ки?и у?уо?ун аттынан айаннаан и?эн к?рд???нэ, арай биир дьахтар, киниэхэ к?хс?нэн буолан, батта?ын тараана олорор эбит. Сэрэппиин туох дьиибэ дьахтара куттаммакка, ки?и у?уо?ар кэлэн батта?ын тараана олордо?ой диэн м???ттэ саныыр. Арыый ???э тахсан эргиллэн к?рб?тэ, бэрт соторутаа?ыта ку?а?аннык ?лб?т Киристиинэ диэн эдэр дьахтар эбит. Сэрэппиин дьиэтигэр, бы?а холоон ?с килэмиэтир курдук сири, хайдах тиийбитин да ?йд??б?кк? хаалбыт. Олус куттанан, уолуйан с?рэ?э ыалдьан ?л? сыспытын ?р???йб?ттэрэ.
Бу кэнниттэн бокуонньук илэ сылдьан бар дьонун куттаабыта, ол сайын дьон-сэргэ киэ?э та?ырдьа тахсалларыттан саллар буолбуттара. Киристиинэ к?м?лл?б?т сирин ту?аайыытынан дьо?ус холорук кэлэн, олорбут дьиэтин хайысхатынан с?тэрэ. Кини дьиэтигэр со?отох о?онньор олорбута, ол эрээри бокуонньук т??н ахсын кэлэн дьиэтиттэн холдьохсоруттан, кутталыттан ол дьиэттэн к?сп?т. Ол сайын мин Уолба?а сайылыы сылдьарым, эбэм уулусса?а мээнэ оонньото та?аарбата. Киристиинэни ынахтарын хомуйа сылдьар дь??гэтэ к?рс? т?сп?т?н ту?унан кэпсэл баара. Ол кэнниттэн ол дьахтар барахсан у?уннук балыы?а?а сыппыта.
?сс? дьиктитэ диэн, та?а?ас тиэйэн а?албыт нуучча суоппардара дьахтары к?р?лл?р?н ту?унан кэпсииллэрэ. Арай, айаннаан истэхтэринэ, ки?и у?уо?ар эдэр дьахтар батта?ын тараана олорор ???. Ону к?р?н туох буолбут дьахтарый, куттаммакка ки?и у?уо?ар тахсан батта?ын тараана олорор диэн с???нн?р, олохтоохтортон ыйыталаспыттарын ту?унан кэпсииллэрэ.
Ити курдук дьон-сэргэ санаата айманан, олус куттанан олорбуппут. Эбэм оло?у олорбут, саастаах ки?и сиэринэн м???ттэрин ?йд??б?н: «Бэйэтин дьа?аммыт ки?ини дьону кытта биир сиргэ к?мп?ттэрэ итинник буолла, ?сс? сулустаан, былаахтаан буолан», – диирэ. Былыр ?б?гэ сиэринэн итинник т?бэлтэ?э ки?ини умса к?м?лл?р? ???.
К?н-дьыл баран испитэ, кы?ын аа?ан, саас буолбута.
Сэрэппиин а?ата Тэрэнтэй диэн кырдьа?ас хомуньуус хорсун санааны ылынан, хас да киилэ туу?у атыыла?ан, дьахтар к?м?лл?б?т буорун ?рд?гэр куппут. Туус хаары кытта ууллан буорга и?иэхтээ?э…
Дьэ, ол кэнниттэн эрэ кимиэхэ да к?ст?бэт буолбут.
Илдьэ барыы…
Дэриэбинэ?э биир кырдьа?ас со?отох о?онньор олорбут. Олорор дьиэтэ со?отох ки?иэхэ киэ?-куо?, улахан эбит. Ол да и?ин, со?ото?ун тэ?ийиминэ да буолуо, биир хо?угар балыы?а?а быраактыка?а кэлбит кыы?ы олохтообут. Дьиэтигэр до?ордоммучча, санаата к?т???ллэн, кэпсэтэр ки?илэнэн, о?онньор сэ?энэ-сэппэнэ ?ксээбит.
Биир кы?ы??ы ыкса киэ?э кыыс балыы?атыттан кэлэн, тэлгэ?э?э киирэн и?эн и?иттэ?инэ, тэйиччи со?ус ки?и хаамарын курдук, хаар кыычыр?аабыт. Хабыс-хара?а буолан туох да к?ст?бэт эбит. Кыыс о?онньор ону-маны бэрийэ та?ыста ини дии саныыр. Ол эрэн эдэр кыыс чуор кулгаа?ынан и?иттэ?инэ, ол хаамар ки?и олус ыараханнык тыынар, эмиэ да ынчыктыыр, эмиэ да тыынын былдьа?ар икки ардынан ыарахан ба?айытык бопторор курдук эбит. Кыыс куттанан: «Ким?инээй?» – диэн ??г?л??р. Ону кытта били ыараханнык тыынар курдук тыас тута с?тэн хаалар. Кыыс со?уйан, турбахтыы т??эн: «Хайдах-хайдах ба?айыный, эчи дьиктитин», – дии санаан баран, дьиэтигэр киирэн хаалар. Дьиэлээх о?онньор отой да та?ырдьа тахсыбатах эбит, с???р?йэн эрэр о?о?ун уотун иннигэр туох эрэ ыар санаа?а баттаппыттыы туттан, кэри-куру буолан олорор эбит. Кыыс, т??? да эдэркээн саастаах буоллар, о?онньор барахсан туохтан эрэ санаата т?сп?т?н бэлиэтии к?р?р уонна кырдьа?ас ки?ини куттаамаары, тэлгэ?э?э ким эрэ ыараханнык тыыммытын, хаары хаачыр?атан хаампытын кэпсээбэт.
Киэ?ээ??и а?ылыктарын а?ыы олорон, аны ыалдьыбыт дуу дии санаан, кыыс ыйыталаспытыгар о?онньор маннык кэпсээннээх буолан, дьукаа?ын, эдэр кыы?ы, дэлби куттаабыт, уйул?атын хамсаппыт:
«К?н?ск? а?ылыгым кэнниттэн ?гэспинэн барбах утуйа т??эн ылбытым, т??лбэр былыр ?йэ?э, инньэ с??рбэччэ сыллаахха, ?лб?т быраатым к???ннэ. Туох абаа?ы ку?а?ан билгэтэ буолла, миигин кытта барыс диэн ы?ыра сатаабытын аккаастанным», – диэн.
Ол т??н кыысчаан о?онньор кэпсээниттэн уйу?уйан, уута к?т?н утуйан быстыбат. Н???? хоско утуйа сытар о?онньор тыынара бу баардыы и?иллэр. Т??? ?р кэм ааспыта буолла, арай та?ырдьа кыыс утуйар хо?ун т?нн?г?н аннынан эмиэ маа?ы??ы курдук хаар хаачыр?аабыт. Субу баардыы, хантан эрэ олус ыраах сиртэн а?ылаан-мэ?илээн, с??рэн кэлбит ки?и курдук, ыарахан ба?айытык ки?и тыынара и?иллэр. Кыыс, олус к??скэ куттанан, суор?анын ыга тардынан баран сытар. Арай и?иттэ?инэ, хаар хаачыргыыра уонна ыараханнык тыыныы о?онньор сытар хо?ун т?нн?г?н та?ыгар и?иллэр. Холкутук тыынан утуйа сыппыт о?онньор тыынара ыараан, оронугар дэлби м?хс?н, мэктиэтигэр хардьыгынаан тыынар курдук буолар. О?онньору ??г?лээн у?угуннарыан ба?арар да, к?ст?бэт «ыалдьыт» ыарахан тыына субу баар курдуга…
Ити курдук, т??н? бы?а кутуйах иинин кэ?этэн, куттал б???н? к?р?н, к?н?ск? сылаата баттаан, кыыс барахсан утуйан хаалаахтыыр…
Сарсыарда, халлаан су?уктуйа сырдыыта, эдэр кыыс туран та?ырдьа тахсан, суолу-ии?и к?р? сатыыр. Хаарга туох да, ким да суола суох эбит. Хайдах эрэ санаата чэпчээн, дьиэ?э киирэр. А?ыы олорон о?онньор т??л?н кэпсиир: «Б?л??н т??ээтэхпинэ, быраатым эмиэ илэ кэлэ сырытта, бэ?э?ээ к?н?стээ?эр ?сс? ордук кыы?ырбыт, дьэбидийбит к?р??нээх, аккаастаммытым ?рд?нэн, к????нэн илдьэ барар санаатын ылыммыт курдук… Т??? да саас ылбытын и?ин, бу да буолларбын, к?н сириттэн ордук туох баар буолуой, то?ойуом?! ?л??хп?н отой ба?арбаппын», – диэхтиир. Дьэ, онно кыыс тугу истибитин барытын кэпсиир. О?онньор барахсан кыыс кэпсээнин истэн баран: «У?угуннарыа? этэ буолла?а дии, то?ойуом, тыынара ыарахана с?рдээ?э, ?л?р?гэр эмиэ итинник, тыынын былдьа?а-былдьа?а ыараханнык, тыына сыппыта, сэллик сиэбитэ… Дьэ, то?ойуом, ити барыта ку?а?а??а диэн тойоннуохха с?п, мин у?аан сылдьыбат ки?и буоллум…» – диэн т??л?гэр дуу, илэ дуу кэлэн илдьэ бара сатыыр, бу дойдуттан ?рд????тэ барбыт быраатыттан эмиэ да кы?ыйа, эмиэ да а?ыйа кэпсээнин т?м?кт??р.
Ити кэнниттэн, о?онньор т??йб?т?н курдук, биир нэдиэлэ и?инэн эмискэ сыыстаран, ойо?остотон орто дойду оло?уттан ?йэ-саас тухары бараахтаабыта. Туох да и?э-дьа?а суох тыа сирин сэмэй, ?лэ?ит ки?итэ сирдээ?и оло?ун т?м?ктээн, быраатын аттыгар хараллыбыта.
Дойду иччитин кэлэтии
Ааспыт сайын до?орум Сэмэнчик ки?и куйахата к??рэр т?бэлтэтигэр т?бэ?эн турардаах. Былырыын атырдьах ыйын биир намыын киэ?этигэр до?отторун кытта айыл?а?а тахса сылдьарга санаммыттар. ?гэс курдук, с?т??л??р, а?ыыр-сиир тэриллэрин, астарын-??ллэрин тиэйэннэр Тулагыттан чугас турар кыракый дэриэбинэ та?ыгар баар алааска т????лэммиттэр. Онно дьон олорбот быра?ыллыбыт дьиэлэрэ, былыргы ?йэтинээ?и хотоннор бааллар эбит. Бу хайдах эрэ, туох эрэ кистэлэ?нээх сир буоларын ту?унан олохтоохтор истэригэр урут-уруккуттан кэпсэл баара ???…
Уолаттар массыыналарын муусукатын му? кыраайыгар холбообуттар, ону-маны, буолары-буолбаты кэпсэтэн, к??-дьаа буолан, уот оттон эт ??лб?ттэр, ?р к?рс?спэтэх ахтыл?аннарын дуо?уйа та?аарбыттар.
Т??н ????н са?ана ый уотун ?лб??рк?й сырдыга киэ? алаас иэнин барбах сырдатан, хабыс-хара?а буолбут. Сэмэнчик тура сылдьарга сананан, ойуур са?атын диэки хаампыт. Ол баран и?эн к?рд???нэ, былыргы сэргэ турар эбит. ?й? бааллан дуу, туох имнэнэн дуу, сэргэни хайа сотон бэлиэтиир. Ол кэннэ аар айыл?а и?ийбит чуумпутунан дуо?уйан турбахтыы т??эргэ сананар, ол туран ис-и?иттэн туохтан эрэ дьиксинэр, кинини ким эрэ к?р?н турарын курдук санаа к?л?м гынар. Сонно тута чугас со?ус, бастаан аргыый, онтон улам к????рэн д???р тыа?а и?иллэр. Сэмэнчик, т??? да куттана санаатар, билиэх-к?р??х санаата ба?ыйан, турбут сиригэр туран хаалар. Д???р тыа?а субу адьас аттыгар и?иллибит. ?сс? ким эрэ тыынар курдук эбит. Сэмэнчик, дьэ, ?йд?н?н, ?л?рд?? куттанан, т????лэммит сирдэрин диэки му? кыраайынан тэбиммит. До?отторун у?угуннартаан, одо?-додо? кэпсээн, су?аллык хомунан куорат диэки к?т?пп?ттэр. Итиэннэ Сэмэнчик туох да бэйэлээххэ ити сир диэки барыам суо?а, араа?а сэргэ?э ытыктабыла суох сы?ыаммынан дойду иччитин кэлэтэн, улахан сыы?аны о?остубуппун, айыл?а?а та?ыстаххытына сиргитин а?атаргытын умнаайа?ыт диир.
Былыргы ?б?гэбит са?аттан дьон-сэргэ олорон ааспыт сирдэрин ытыктыы, кинилэр олохторун туо?ута – и?нэйбит, сууллубут сэргэлэри харыстыы ??рэниэхтээх эбиппит, до?оттоор…
Антон Иванов
Бэйэтинэн биллии
2011 сыллаахха т?р?пп?ттэрим икки дьиэни тэ?инэн атыыласпыттара. Биирэ, улахана – кы?ы??ы, икки?э – сайы??ы, миэхэ анаммыт этэ. От ыйын са?аланыытыгар эксээмэннэрбин этэ??э туттартаан, куораттан дойдубар тахсыбытым. Дойдум салгынынан сайа тыынан, ахтыл?аммын та?ааран дуо?уйан сылдьарым. Кыра дьиэ?э ийэм балта кыракый кыы?ыныын бааллара. Мин дь??гэбэр баран, ону-маны сэлэ?эн, киинэ уларсан, дьиэбэр хойутуу кэлбитим.
Ааннарбын хататалаан, с?р??н уу и?эн, бэрт кыратык интернеккэ олоро т??эн бараммын, утуйардыы о?остубутум. Эдьиийим о?отунуун хайыы ?йэ утуйбуттара ырааппыт. Тэлэбиисэр са?ата эрэ барбах и?иллэрэ. Са?ардыы утуйаары, халта?аларым сабыллан эрдэхтэринэ, арай аан а?ыллан, ки?и киирэр курдук тыас и?иллибититтэн уум к?т?н хаалбыта. Атах тыа?а кырачаан балтым оронун диэки барар курдуга, ыраах сиртэн с??рэн кэлбиттии, ки?и а?ылыыра и?иллэрэ. Мин кутталбыттан т??р?лл??хп?нэн т??р?ллэн сыппытым да, балтыбын харыстыыр, к?м?скэ?эр санаалаах ойон турбутум да, ким да суо?а. «Ээ, итирик ки?и хайдах эрэ гынан дьиэбитигэр киирэн та?ыста бы?ыылаах», – дии санаабытым. Онтон тэрээсэ?э тахсыбытым, ыппыт холку бэйэлээхтик утуйан буккуруу сытара, и?ийбит чуумпуну аймыах туох да суо?а. Ньиэрбэбин уоскутаары табахтаабытым, онтон киирэн хос сыппытым. Кутталбыттан кыайан утуйбакка эрэйдэммитим. Харахпын симтэхпинэ, моонньо да, т???э да суох кыып-кырдьа?ас о?онньор т?б?т? к?ст?р этэ. Сарсыарда у?уктан баран, улахан убайбар кэпсээбиппин: «Оо, бу кыыс да?аны, о?оххун, уоккун а?аппыты? дуо, араа?а уоту? иччитэ Хатан Тэмиэрийэ бы?ыылаах, дь???н?ттэн к?рд?хх?», – диэбитэ…
Ийэм-а?ам, эбэлээх э?эм бэрт кыра сааспыттан сахалыы сиэргэ ииппиттэрэ, куораттан тахсаат да, алаадьылаан са?а дьиэм о?о?ун а?аппытым. Хомойуох и?ин, эдьиийим, тыа сириттэн тэйбитэ олус ыраатан, ?б?гэтин ?гэстэрин соччо тутуспат эбит, истэн баран олус куттаммыта уонна аал уотун иччитин алаадьы астаан, дьэ, к?нд?лээбитэ.
Ийэ с?рэ?э…
Бу кэпсээн эдьиийим табаары?а Сандал уол т?бэспит бы?ылаанын ту?унан.
Сандал тыа сиригэр т?р??н, улаатан аармыйа?а сулууспалаан кэлбит ыччат. Кини кэмигэр ханна да ??рэммэтэх, сулууспалаат да, дойдутугар кэлэн, дьонугар к??с-к?м? буолан олорбут эбит. Биирдэ аармыйатаа?ы до?орун к?рс??р?, а?атын эргэ «УАЗ» массыынатын собуоттаан, чугастаа?ы б????лэккэ барбыт. До?ордуулар саллаат оло?ун ахтан-санаан ?р олорбуттар, кыратык а?ыы утахтан амсайа да т?сп?ттэр. Киэ?э лаппа хара?арыыта, Сандал дьиэтигэр т?нн?рд?? сананар, та?ырдьа хайыы сахха борук-сорук, саатар самыырдыыр эбит. Са?ардыы айаннаан и?эн, испит арыгыта т?б?т?гэр тахсан, хара?а дьиримнээн ылар. Массыына добуочча дири? ха?ыллыыга т??эн хаалар. С?гэтин ылан, массыынаттан тахсан, к?л???этин анныгар угаары, мас бы?ыта сынньа туран ?йд??н к?рб?тэ: ки?и у?уо?ун ту?аайыыта эбит, ?сс? хара сарапааннаах дьахтар кини диэки и?эрин к?р?н, олус со?уйан, массыынатыгар киирэ охсубут. Эргэ массыына буолан, и?иттэн хатаммат эбит. Дьахтар олус ыксаабыт к?р??нээх, ааны то?суйа-то?суйа и?ирдьэ киирэ сатаабыт. Уол и?иттэ?инэ: «Кыы?ым алдьархайга т?бэстэ, ?л?н эрэр, ба?аалыста б????лэккэ илдьэн биэр», – диир эбит. Уол уоскуйан дьахтары киллэрэр, бачча хойут хайдах ки?и у?уо?ун та?ынан саллыбакка сылдьарын с???н ыйытар да, дьахтар истэн эрэ кэби?эр. Уол тахсан мастарын к?л???э анныгар угаттаан, к??скэ гаастаан, этэ??э тахсар. Быстыа дуо, дьахтар к?рд????т?н бы?а гыммакка, б????лэк диэки т?тт?р? т?нн?р. Чаас а?аарын курдугунан утуйа илик ыаллар дьиэлэрин уоттара к?ст?р. «Бу дьиэ?э тохтоо», – диэн биир дьиэни ыйан, онно тохтууллар. Дьахтар: «К?м?л?сп?ччэ к?м?л?с, со?ото?ун кыайбат дьыалам, кыы?ым ?л?н эрэр, дьиэ?э киир, мин хайдах эрэ олус сылайдым ээ», – диир. Уол дьиэ?э киирэн кэлбитэ, б?т?нн?? ?гээр сыта, о?ох сабыылаах турар эбит. Арай к?рб?тэ, эдэркээн кыыс сиргэ охтон сытар. Уол элбэ?и толкуйдуу барбакка, кыы?ы к?т???н та?аарар, массыына?а ким да суо?ун дьиктиргиир, итиччэ ыксаан баран, кыы?ын быы?аспакка ханна барда?ай дии саныыр. Балыы?а дьиэни ыйдаран, кыы?ы эмчиттэргэ туттарар. Ити т?бэлтэ буолбута биир ый ааспытын кэннэ, Сандаллаах б????лэктэригэр били кыыс кэлэн уолга ис с?рэ?иттэн махтанар. «Мин ?л? сыспыппын хайдах билбиккиний?» – диэн дьиктиргээн ыйытар. Онуоха уол: «Оттон ийэ? эппитэ дии, сору?ан а?алтаран баран, отой да с?тэн хаалбыт этэ», – диир. Дьэ, онуоха кыыс хара?ын му?унан к?р?н са?а аллайа т??эр: «Ийэ? даа, ама хайдах, ?с сыллаа?ыта ?лб?тэ дии», – диир. Иккиэн с???н-махтайан, мэктиэтигэр тылларыттан маталлар…
Уоллаах кыыс сыыйа с?рэхтэринэн с?б?лэ?эн ыал буолбуттар ???.
Ийэ, ийэ, к?н ийэ барахсан! Сир ?рд?гэр олорорун тухары т?р?пп?т о?отугар и?эрбит таптала, кини орто дойдуга суох да буолбутун и?ин, ха?ан да с???р?йбэт т?л?нн??х эбит, ийэ с?рэ?э ?л??н? ?лб?т?х ?й?нэн сэрэйдэ?э… Ийэ с?рэ?э!
Быы?аныы
Бу т?бэлтэ?э чугас до?орум а?ата бииргэ т?р??б?т быраатыныын т?бэспиттэр. Биэс сыллаа?ыта о?остон, тэринэн Буотама ?рэх диэки бултуу тахсыбыттар. Биир сири булан, уот оттон чэйдээн, ол сиргэ т????лэммиттэр. Арай ?йд??н к?рб?ттэрэ, бэрт чугас мастар быыстарыгар булчут ??тээнэ баар эбит, хата, ?сс? уоттаах буолан ??рд?б?т. Бырааттыылар ?р-?т?р гыммакка дьиэ?э к?т?н т?сп?ттэрэ, бэрт тупса?ай, дьиэ дьахтар ки?и кы?амньылаах илиитэ баара к?ст?р ис барааннаа?а ??рд?б?т. О?оххо угуллубут харда?астар умайан та?ыгыра?ар тыастара нус-хас оло?у туо?улуур курдук эбит. Олус кэрэ сэбэрэлээх эдэр дьахтар баара кэргэнин туо?уласпыт да, би?иги дьоммут к?рб?т?х буолан биэрбиттэр. Ас б???н? а?аан, сылайан, сылаалара киирэн, бу ??тээ??э хонон аа?арга сананаллар. Быраата урут сытар. Убайа к?рд???нэ, арай дьахтар: «Эн би?икки бу эрэ т??н бииргэ буолуох», – дии-дии тас та?а?ын устан, к??гэйэр к?н?гэр сылдьар уола хаан с?рэ?ин ?р?к?тэн, хаанын хамсатан, уохтаах тапта?ыыга угуйа ы?ырбыт. Ол м?чч?ргэннээх м?н??тэлэргэ эт с?рэ?инэн туох эрэ бэрдэ суо?у сэрэйэн, тутан турбут луоскатын сиргэ т??эрдэ?э буолан, т??к?й? биэрбитэ, дьахтар ата?а буолбатах, туох эрэ иэмэ-дьаама ?йд?мм?т бар т?? эт к?ст?б?т. Дьэ, онно эрэ ?йд??б?т, урут о?о эрдэ?инэ э?этэ сир-дойду сибиэнэ кэрэ субалаах кыыс-дьахтар буолан кубулунан булчуттары булта?арын ту?унан кэпсиирин. Сорсуннаах сонордьут хаана таайан, булугас ?й? киирэ охсон: «Дэлби долгуйуох курдукпун, билигин киириэм, тахсан табахтыы т????м», – диэбит, т?ргэн ?л?гэрдик быраатын у?угуннарбыт, дьэ уонна сирэйдэрин хоту куотаннар этэ??э быы?анан, б?т?н о?орууламмыттар.
(с) К.В.