Лермонтов баары?ын саныыбын:
Будулуйар муора к??х к?дэнигэр
Ырааттар ыраатан турта?ныырын.
Мин ахтыл?аным атына диэн
Лермонтов курдук мунчаарбаппын:
Эн тугу хаалларан, тугу эккирэтэн
Туох ту?угар ыраах айанныыргын
Барытын билэбин, барытын сэрэйэбин.
Эйигин миигиттэн тэйитэр айаны?
Эйиэхэ миигин ордук чуга?атар,
Ол и?ин эн хо?уун уобара?ы?
Лермонтов баары?ын санатар.
* * *
Былыр, о?о сылдьан, мин саныырым
Мин тапталым хайдах буолуохтаа?ын.
Эйигин санаабынан саба?алыырым:
Бу маннык та?аалыырым, бу маннык харахтыырым.
Ол эрээри оччо?о, о?о буоламмын,
Эн м?сс?????н толору туойбатахпын:
Эн субу маннык к?н дуу?а?ын,
Эн субу маннык ?рд?к олоххун.
* * *
Мин эйигиттэн, к?сс?? да к?сс??, нарын ки?иттэн,
То?о эрэ олус толлобун, кыбыстабын:
Мэник бэйэм сиргэ тимирэбин,
Тыллаах бэйэм тылбыттан матабын.
То?о итинник буолбуппун билбэппин…
Бэйэ? эмиэ эппэккин. Эппэккин
Мин с?рб?н баттыыр кистэлэ??ин.
* * *
Мин эйигин «холбо?уох» диэтэхпинэ,
Дьиибэргии к?р?мэ, элэктээмэ,
Мэнигилээн айахха киирбиччэ,
?тэн-анньан этэр диэмэ.
– Холбо?уох, – диэммин мин, – тэбис-тэ??э
Илии туту?ан айанныах, – диибин. –
?ч?гэйи-ку?а?аны тэ??э ?ллэстэн,
Бэйэ-бэйэбитин ?й????х, – диибин.
Иккиэн ?лэлиэхпит таптыыр идэбитинэн,
Инники дьулу?уохпут к??с тиийэринэн,
Олох хаамыытыттан харыс да хаалбаккабыт
Олох олоруохпут, ырыа да ыллыахпыт.
Мин эйигин «холбо?уох» диэтэхпинэ,
Тэбэнэттээхтик к?л?мэ, дьиибэргээмэ.
* * *
Мин холус, мин сэмэй ы?ырыыбар хоруйдаан,
– Ха?ан? – диэт, т?б???н санньытан,
Кыбыстан турбуту? бу баар санаабар,
Эйигин ахтар мин сырдык чаастарбар.
К?ннээх Сэргэлээх алардара, сы?ыылара
Ыччат ырыатынан к?йг??рэ турбуттара.
Би?иги эдэр сааспыт дьикти романтиката –
Афиша?а тэлээрэрэ Чапаев буурката.
Эн, нарын ки?и, кыбыстыбыт санаа?ар
Кытара кыыспыттара эдэркээн иэдэстэри?.
А?а?ас уолуктаах комсомольскай куопта?ар
«КИМ»-и? значога хамсыы илигириирэ.
Умнуом дуо эн кыргыылаах баттаххар
Дэлэгэйдик тохтор ол к?н са?ар?атын,
Ма?найгы таптал аан бастаан у?уктан,
Эн с?рэ?и?: «Ха?ан?..» – диэн са?арбытын?!
* * *
Мин ааспыт олохпун эргитэ санаатахпына,
Эн тура?ын мин хара?ым иннигэр.
Мин эдэр оло?ум хас биирдии к?нэ
Мин тапталым килбиэнинэн киэркэйэр.
Биир хомолто куру?а, биир ??р?? мичилэ
Эн би?иэхэ иккиэммитигэр тосхойор:
??р??б?т ?г?с – икки ки?иэхэ тиксэрэ,
Иккиэ буоламмыт хомолто хоппот.
Эйигин, мин оло?ум сырдык а?аарын,
Илдьэ сылдьабын с?рэхпэр и?эрэн.
Эйигинэ суох сатаан санаабаппын
Ааспыппын,
б?г????б?н,
кэлэрбин.
СААСКЫ КИЭ?Э
Чэлгийэн эрэр чара? лабаатыгар
Киирэр к?н килбиэнэ т?стэ.
Сы?ыы са?атыгар к??х от сыта халыйар.
Кэрэ да киэ?э.
?р?скэ
Хойутаабыт хаастар ха?ыытастылар.
Кэрии тыа?а кэ?э са?ата
Чуга?аан кэлэр, ыраатар.
Кулууп та?ыгар кыргыттар ылластылар
Сайын ту?унан, таптал ту?унан.