Оценить:
 Рейтинг: 0

Эр киһи уонна дьахтар

Год написания книги
2010
Теги
1 2 3 4 5 ... 15 >>
На страницу:
1 из 15
Настройки чтения
Размер шрифта
Высота строк
Поля
Эр ки?и уонна дьахтар
Егор Петрович Неймохов

Били??и кэм прозата
Кинигэ?э ааптар са?а айымньылара киирдилэр.

«Эр ки?и уонна дьахтар» сэ?э??э уларыта тутуу са?ана учуонайдар уонна били??и кэм?э кинилэр о?олорун олохторо ойууланар.

«?л??нэ очуостарыгар», «Т?н?н», «Ыалдьыттыы сылдьан», «Маай быраа?ынньыгын иннигэр» кэпсээннэр таптал тиэмэтигэр ананаллар.

Киинэ сценарийыгар би?иги эрэ буолбакка, ?ст??х командованиета кытта кэрэхсээбит Герой Ф.М. Охлопков бойобуой суола кэпсэнэр.

Норуодунай суруйааччы 60 саа?ыгар тахсар.

Неймохов Егор Петрович

ЭР КИ?И УОННА ДЬАХТАР

ЭР КИ?И УОННА ДЬАХТАР

1

Дьокуускайга саас кэлэн, кы?ыны бы?а туман анныгар с?тэ сылдьыбыт дьиэлэр к?н уотун ?ст??к?лэ таастарыгар т??эрэн ча?ылытан, к?л?м?рдэс уоту ыспахтыы, истэриттэн ураты сырдыгы сыдьаайарга дылылар. Олус чэбдик ча?ылхай сааскы к?н хааман и?эн, аан дойдуга олох ха?ан да быстыа суо?а, субу ??рэ-к?т? сылдьар дьоннор бука бары ?л?р диэни билбэккэ, ?йэлэр тухары олоруохтара диэх курдуккун. О?олор аймал?ан б???т?н т??эрэн, сыыр ?рд?ттэн хатыыскалаан сырылаталлар. Киинэ тыйаатырыттан тахсыбыт быйыл ?рд?к ??рэх т?рд?с куурсун б?тэрээри сылдьар Бэргэн Уйбаныап эмискэ дьээбэлэниэх санаата к?т?н т?стэ да, кинилэри ?т?ктэн, кэннилэриттэн с??рэн быыппастан кэлэн, муус устун сиирэ-халты ?ктээн халтары?наан, сирэйинэн бара сы?а-сы?а, аллараа Аппа?а сурулаата уонна с??????н былдьа?ан, бэдьэйбитин кубулуппакка, у?уор туораан, сыыры дабайда.

Кини «Лена» киинэ тыйаатырын каассатыттан «Покаяние» диэн са?а к?ст?н эрэр киинэ?э икки билиэт атыыла?ан, уопсай дьиэтигэр баран истэ?инэ санаатыгар ахсаан учууталын идэтигэр ??рэнэр Лиидэ мичийэр м?сс??нэ сандаара к?ст?н кэллэ, кинини киинэ?э ы?ыран к?р?р ба?алаах. Кэлтэй с?б?л?? сылдьар да, кыыс иэмин-дьаамын биэрэ илик, биирдэ эмит кэпсэттэхтэринэ, эмиэ да олох тэйитэрэ биллибэккэ дылы. Асфальт кытыытынан хаар бы?ыта сиэспит, дьиэлэр сарайдарыттан дьэ?кир муус чопчулар ыйанан, к?н уотугар к??ч?ктэнэ оонньууллар, тохтоло суох субуллар массыыналар уматыктарын дьаарын ба?ыйа сиик чэбдик сыта сабыта биэрэр.

Музыкальнай тыйаатыр иннигэр дьон б?л??хсэн турарын к?р?н, Бэргэн: «Эмиэ миитиннээн эрэллэр», – дии санаата уонна тугу са?аралларын билиэх-к?р??х ба?ата батабакка, кинилэргэ чуга?аата. Тирии кууркалаах эдэр уол тыл этэр, араатардыырыгар с?п т?бэ?иннэрэн, салгыны эрчимнээхтик сутур?алаан ылбахтыыр:

– Оттон партократтар туспа ма?а?ыыннаахтар, балыы?алаахтар, уочаракка турар диэни билбэттэр, хатыыс искэ?инэн эрэ дэлбэрийэллэр, оттон ити кэм?э к?нн?р? ?лэ?ит, рабочай му?наах к?л???н-бала?ын аллан, бы?ыы килиэп ту?угар хара?аттан хара?аны силбээн, к??стээх ?лэ?э сылдьар, ?р?б?л?гэр а?ыйах кыраам эти, арыыны ылаары, к?н?н-дьылын ма?а?ыын уочаратыгар барыыр…

Кини этиитин истэ туран, партийнай ?лэ?иттэр сирэйэ-хара?а суох барбыттарыттан хааннара хойдубут дьоннор сотору-сотору к??г?нэ?эллэр, с?б?лэ?эн тэптэрэн биэрэр ха?ыылара дуора?ыйаллар. Б?л??хс?б?т дьонтон тэйиччи холуочук ки?и ??к??лээбитэ буолан, сири ти?илэхтии-ти?илэхтии эргичийэр: «Бассабыык баартыйа былаа?а бахтайда…» Оттон араатар этэн-тыынан баран, кэмниэ-кэнэ?эс т?м?ктээн, сутуруктуу туппут илиитин ?р? ууммутунан ха?ыытаата:

– Суох буоллуннар партократтар! Туругурдун демократия!

Кинини атарах-сатарах ытыс тыа?ынан атаардылар.

– Хомуньуустар ханналарый? То?о кинилэр са?арбаттарый? Тылла биэри?! – диэн дьон ортотуттан ха?ыытастылар.

Онуоха кытархай дубленка сонноох, салгын сиэбэтэх ма?ан сирэйдээх саха ки?итэ дьон иннигэр та?ыста, итииргээн дуу – андаатар бэргэ?этин у?улла, ол кэм?э аллараттан к?б??л?? былаан ыйыттылар:

– Ким?иний? Бэйэ?ин били?иннэр!

– Баартыйа обкомун пропаганда?а отделын сэбиэдиссэйин солбуйааччы… – диэн баран, ки?илэрэ тохтуу т??эн, салгыны т????н му?унан э?ирийэн: – 1917 сыллаа?ы олунньутаа?ы ?р?б?л??сс?йэ… – диэн эрдэ?инэ, итиччэ ыраах кэм?э тиийбитин с?б?лээбэккэ, ?й мэйдээх тулуйбат и?иириитэ, араас ха?ыы-ы?ыы ?р? ньиргийдэ:

– Т?кс?, ууну-хаары эрдимэ!

– Норуоту албыннаан б?т??!

– Тохтоо!

– Т?с!

Ки?илэрэ тугу эрэ са?арыахтыы эргичи?нээтэ уонна с?б?лээбэт ы?ыы-ха?ыы с?рдэммититтэн, сапсыйан баран т??эн хаалла. Бэргэн итини к?р?н бэрки?ээн, ба?ын бы?а илги?иннэ: «Дьэ дьон-сэргэ булкуллан турара т?ргэн да буолар эбит! Соторутаа??а диэри баартыйаны, Сэбиэскэй былаа?ы арбаан тыл баранара, билигин аны хомуньуу?у са?ардыбакка да трибунаттан ??рэн т??эрэр кэмнэрэ ??нн?лэр, ки?и араа?ы к?р?р ээ…»

Уол миитини истэ т??эн баран сотору сал?ан барда, наар ?т?кт?сп?т курдук биири эрдэллэр – партократтар ки?ини ки?и диэбэт буолбуттар, кинилэр байаллар-тайаллар, оттон норуот дьадайар-быстар суолга киирбит. Бэйэбэйэлэриттэн тэптэн, кыбдьырына-кыбдьырына са?араллар, били кытархай дубленкалаах баартыйа ?лэ?итэ дьон быы?ыгар с?тэн хаалла, араа?а, бы?аарсан да ту?а тахсыа суох диэн барда бы?ыылаах. То?о бы?ыытыйан уонна аччыктаан да, Бэргэн сотору миитиннээччилэртэн тэйэн, а?ыйахта ?ктээн уопсай дьиэтигэр кэллэ.

Аллара вахтер олорор остуолун ?рд?нэн ыйаммыт ?ст??к?лэ сабыылаах хапта?ай дьаа?ыкка «101 н??мэр» диэн к??х чэрэниилэнэн суруллубутун анныгар хосторун к?л???э ыйанан турар, ити аата ким да кэлэ илик буолла?а. Онтон Бэргэн баарыан ти?эх лекция кэнниттэн уолаттар бэрт ыксалынан та?ырдьаны былдьаспыттарын, хас да к?нтэн бэттэх б?г?н буолуохтаах ат с??рд??т?н ту?унан кэпсэтэллэрин ?йд?? т?стэ. Ол аата бары ипподром?а бардахтара, устудьуоннартан ордук Ылдьаа аттарынан туу?угурар, уопсайынан да, кини ат диэн баран муннукка ытаабыт ки?и, бэл лиэксийэлэри суруйар тэтэрээтин кытыытыгар сиэлэ-кутуруга намылыйа, туйахтарынан таастан кыымы са?а турар араас со?уруу??у боруода дыабаспыт ?рд?к аттары ойуулаабыт буолар. Хайа улуус ата хас килэмиэтири хас м?н??тэнэн, с?к??ндэнэн кэлбитин нойосуус билэр, ипподром?а мэлдьи сылдьан, ат с??рдээччилэри кытта до?ордо?он, аттар баайыыларын, хайдах бэлэмнээхтэрин кэрэхсээн ыйытала?ар, онон ат с??рд??т?гэр уксан хайаан да с??й??лээх кэлээччи. Кини ити «ыарыытын» хо?ун уолаттарыгар барыларыгар сы?ыарбыта, арай Бэргэн эрэ с??йс??лээх оонньуулары, к?рэхтэ?иилэри сэ?ээрбэт буолан, быыстатан хаалбыта.

Хо?угар киирбитигэр, кы?ыны бы?а кырыанан б?р?ллэн турбут т?нн?к муу?а б?т?нн?? ууллан, сырдык таас н???? к?н сарда?алара кутулланнар, Бэргэн оронун ?рд?нээ?и «Огонек» сурунаалтан кырыллан ыйаммыт Крамской «Биллибэт дьахтарын» ойуутугар тайаммыттар, ол дьирбиилэнэр сырдыктан кимэ биллибэт дьахтар сибилигин тиллэн кэлэн, карета и?игэр улуутуйа туттан, кинини кынчыатыы к?рб?т?нэн аа?а айаннатан, ат туйа?ын тыа?а таас уулуссанан хабылла туруох айылаах. А?ыйах м?н??тэнэн к?н уота кини эркиниттэн тэйэн, оронун ата?ар турар кинигэ долбууругар к?????э.

Уол та?а?ын уларыттаат, сонно к?р?д??ргэ т?нн?н тахсан, са?архай кырааскалаах утары ааны то?суйан тобугуратта. Тута сыыдам чэпчэки атах тыа?а и?илиннэ, итиэннэ Лиидэ бэйэтэ ааны а?аат, кинини к?р?н, субу к?л??х курдук уо?ун ?м?р?чч? тутунна:

– Хайа, Бэргэн, туохха наадыйды??

– Эйиэхэ… – кыыс дьээбэлээбиттии м?ч??н??р?ттэн уол мух-мах барда.

– Тыый, оччо айылаах туох су?ал наада ??скээтэ?

– Киинэ?э билиэт ыллым… – диэн уол эрэлэ суох эппитигэр, кыы?а са?а та?ааран к?ллэ уонна ба?ын бы?а илги?иннэ:

– Оо, Бэргэн-Бэргэн, ааккын уларытан «Сыыстарар» диэххэ баара, бу киэ?э ханна да барар кыа?ым суох, биир дойдулаах уолаттарбыт ыалдьыттыы кэлиэх буолбуттара.

Бэргэн итини истэн уку-сакы буолла, са?ата суох т?тт?р? хааман эрдэ?инэ Лиидэ эппитэ и?иллэн хаалла:

– Бэргэн, оттон эн Хоноо?ой Шураны илдьэ бар ээ.

Уол тугу да хардарбакка хо?угар киирдэ. Дьэ кы?ыы – Лиидэтэ к?нн?р? аккаастаан эрэ кэбиспэтэ, ?сс? «Сыыстарар» диэн хос ааттыы о?уста уонна – Афанасьева Шуранан хаадьылаата, ити кыы?ы араспаанньатын сахатытан «Хоноо?ой Шура» дииллэр. Эмиэ ахсаан учуутала буолаары сылдьар, у?уо?унан намы?ах со?ус эрээри, муус ма?ан, мыс курдук Шура Бэргэни с?б?л??р?н, чугаса?а сатыырын сэрэйэр, ону бары да билэ-к?р? сырыттахтара, оттон Бэргэн умсугуйара атын, бэйэтиттэн хаалсыбат ?рд?к у?уохтаах, уойбатах, дьылыгырас бы?ыылаах-та?аалаах, томто?ор т??стээх, лаппа?ар самыылаах уонна боччумнаах Лиидэ курдук мо?уоннаах кыргыттары с?б?л??р. Оттон Хоноо?ой Шурата ?сс? да о?о саа?ыттан тахса иликкэ дылыта, уопсай дьиэ к?р?д??р?нэн дьиэрэ?кэйдии-дьиэрэ?кэйдии хааман и?эрин к?рд?хх?, ха?ан эрэ бу кыыс т?спэтийэн, ыал, хотун-хаан ийэ буолан дьо?уннук тутта сылдьыа диэн итэ?эйэр уустуга.

Бэргэн бы?аччы аккаастан хомойон, бэл т?б?т? ыалдьарга дылы гынан, со?отохто дуу?-даа? курдук буолла, ол кэнниттэн суунар сиргэ кыраантан чаанньыгар уу с??рдэн, хо?угар чэй сылыттан, а?аары о?остон эрдэ?инэ сэмэйдик то?суйбуттарыгар: «Ба?ар, Лиидэ санаата уларыйа охсубута буолаарай?» – дии санаат, ааны ыксалынан тэлэйэ тардыбытыгар, бэрт эрчимнээхтик а?ылла т?сп?т?ттэн со?уйан, кылгас халааттаах, т????гэр чачархайды?ы суон су?уо?а намылыйбыт билбэт кыы?а чинэрис гынна, арылыччы к?рб?т харахтардардыын Бэргэн харахтара харса т?ст?лэр. Кыыс мичээрдээтэ уонна кыбыстан су?уо?ун убахтаан, ма?ан тарбахтара эймэ?нэстилэр:

– Здравствуйте.

Бэргэн ?м?тт?б?тэ ааспакка, со?уччу ыалдьыт ма?ан сирэйин, м?к?н?к харыларын уонна тобугар да тиийбэт халаата саппатах к?н? дьоро?ор ма?ан сотолорун одуула?а турарын дьэ ?йд??н, омуннаахтык «бар» гыннарда:

– Ба?аалыста, аас! – хос и?ин диэки даллах гынан баран, сцена?а тахсыбыт артыыстыы эбиитин с?г?р?с гынна.

Кыыс хоско киирбитигэр тута олоппос а?алан олордо о?уста уонна:

– Эн кимиэхэ кэлли?? – диэтэ.

– Э?иэхэ. Сэргэ хоско олорор Динаны билэ?ин дуо? Кини – мин дь??гэм, ?р?б?лбэр ыалдьыттыы кэлбитим да, Динам суох, кыргыттара бааллар, дь??гэбин к??тэ таарыйа тугу эрэ аа?ыах эбиппин, кинигэтэ уларыс эрэ.

– Уларсан б??? буолла?а дии! – Бэргэн кинигэ долбуурун аттыгар биирдэ баар буолла, – талбыт кинигэ?ин ыл, тугу аа?а?ын? Саха суруйааччыларын, нуучча классикатын?

– Ээ, мин нууччалыы историческай романнары ордоробун, оннук баар дуо?

– Ол да ханна барыай, – Бэргэн халы? со?ус кинигэни чопчу ороото. – Ян «Чингиз хаана» баар, маны аах.

– Ээй. Ха?ан эрэ аахпытым, – кыыс кинигэни ылан саараабыттыы биэтэ?нэтэн баран, хонно?ун анныгар кыбынан кэбистэ, – чэ, буоллун, икки?ин да аахтахха ки?и салгыбата буолуо.

1 2 3 4 5 ... 15 >>
На страницу:
1 из 15

Другие электронные книги автора Егор Петрович Неймохов