Оценить:
 Рейтинг: 0

Үһүйээннэр, номохтор

Год написания книги
2018
Теги
<< 1 ... 16 17 18 19 20 21 22 23 24 ... 27 >>
На страницу:
20 из 27
Настройки чтения
Размер шрифта
Высота строк
Поля
Былыр бу дойдуга ки?и-с???? са?а олохсуйан эрдэ?инэ ити билигин О?о ?лб?т дэнэр сы?ыы хара ма?ыттан ыла уулаах к??л эбитэ ???. Биирдэ ол к??лтэн а?аан олорор ыал со?отох о?олоро, уу ба?а киирэн баран, ууга т??эн, ?л?н хаалбыт. Дьоно, о?олоро ??г?л??р?н истэн, саба сырсан кииртэр да, кыайан ?р???йбэтэхтэр. Со?отох о?олорун а?ыйан, сор-му? б???н? к?рб?ттэр. Хас да к?ннээх-т??н? бы?а к??л? булкуйбуттар да, булбатахтар. ???э тэстэн, дагдайыа диэн эмиэ хас да к?н к???тэллэр да, ту?а тахсыбат. Биирдэ ?лб?т о?о а?ата, санаата-а?ыыта т?м?ллэн, иирбит ки?и курдук, к??л?гэр киирэн, ки?илии кэпсэтэн, кэп туонан барбыт: «К???э к?рб?т к?нд? к?м?сп?н туох ааттааххар угунну?? Туох буруйу о?ороммут санаа? туолбата? О?обутун мэ?иэ?инни?, аны бэйэбитин ыйы?ын, о?ом ?л?г?н к?р? иликпинэ мантан харыс халбарыйыам суо?а! Оо, кимнээх буолан кимим, туохтаах буолан тугум сити?иэй?! Кимим билиэ баарай, кэнэ?эс эн да дьэбэрэннэн к?р?н дьэлтэйэргин, ч??мпэ? дьуо?ара уоларын?! Оо, абам да баар эбит, хайа кыахпынан, ханнык к??сп?нэн эн бэйэлээхтиин туруула?ыам буолла?ай…» – диэн ытаабыт-со?ообут.

Онтон бэттэх ити били??и сы?ыы ма?най О?о ?лб?т К??лэ диэн уолан, хонуу буолуор дылы ааттаммыта ???.

ХАМПАХ

Били??и Хампах к??лгэ былыр Хампах диэн ааттаах балыгынан эрэ иитиллэн олорор эмээхсин олорбут. Ол эмээхсин балыктыыр эрэ к??л?нэн бу эрэ к??л эбит.

Биирдэ эмээхсин идэтинэн к??л?гэр туос тыытын миинэн тууларын к?р? киирбит. Са?ардыы к??л?н ортолоон, тумулга тиийэн эрдэ?инэ, к??л?н ар?аа диэки ?рэ?иттэн ала холорук туран, эмээхсини к?рд?-к?рб?т?нэн бу бирилээн кэлбит. Уу ньуурун к??рчэхтии ытыйан, туос тыы элээмэтин т??нэри с?р??н ааспыт. Эмээхсин эрэйдээх кимэ кэлэн ?р???й??й, ууга т??эн, ?л?н хаалбыт. Эмээхсин ??г??т?н истэн, чугас ыаллара саба сырсан киирбиттэрэ, туос тыы т??нэстэн баран, к??л ортотугар к??рэ?нии сылдьар ???.

Эмээхсин тыыннаа?ар да кини аатынан ааттыыллара ???, эгэ ?лт?н кэннэ ааттаабат буолуохтара дуо? К?н б?г?н?гэр диэри ааттаан кэллибит. ?сс? бу к??л аатынан ма?найгы колхоз тэриллибитэ. Ону ??рэхтээх ?рт?лэрэ, тупсардахпыт буолан, «Комбайн» колхоз дииллэрэ. Ма?найгы колхозтаа?ын са?ана хантан ылбыт комбайннара кэлээхтиэй. Оччолорго комбайн диэн бурдук бы?ар тэрил баарын т??ээн да баттаппатылар ини.

МЫРААН

Урут Чуукаар диэн ааттанар к??л билигин Эбэ дэнэр. Дьэ, ол Эбэ хотулуу илин э?эриттэн мыраан ?рдээн, илин диэки бара турар. Ханнык да атын ааттаа?а биллибэт. Арай, ?рд?ттэн Мыраан эбэтэр Сирэйдээх Мыраан дииллэр. Кини ту?унан араас ???йээни кэпсииллэр. Олортон т???т? кырдьыга-сымыйата биллибэт. ???йээн аата ???йээн, кэпсииргэ тиийиллэр.

Ки?и-с???? са?а кэлэн олохсуйан эрдэ?инэ, Маар К??л уонна ?с К?л?йэ диэн ааттанар к??ллэргэ то?устар олорбуттар ???. Биирдэ ол то?ус омук кыргыттара 9 буолан Мыраа??а к??лэйдии тахсыбыттар. Оччолорго Мыраа??а ыттыбыт ки?и улаханнык са?арыа, к?л??-салыа суохтаах. Оттон ол 9 то?ус кыргыттара ыттан баран, сээдьэлээн барбыттар. Ортолуу ??к??лээн и?эн, аллара ньимис гынан хаалтар. Кыланар са?аларын истэннэр, дьон с??рэн тахсыбыттара, 9 о?хой эрэ хараара сытар ???. Онтон бэттэх Мырааны иччилээх диэн улаханнык дьиксинэр буолтар.

Бу ???йээн ха?аа??ыта биллибэт. Биир кырдьа?ас о?онньор ?л?р?гэр кэпсээбит ???. Дьэ, ол о?онньор эдэригэр Мыраа??а тугу эрэ гына тахсыбыт. Ол сылдьан, сири дь?л? ?ктээн, аллара сурулаан и?эн, элигин элик, силистэн туту?ан ылбыт да ???э биирдэ баар буолбут. Куттаммыта аа?ан, туох ааттаахха т?ст?м диэн, дь?л? ?ктээбит сирин сэрэнэн ???й?н к?рб?т. Онто туох эрэ иинэ эбит. ?сс? сирийэн к?рб?тэ: иинин анна уулаах, ол уута с??р?г?рэн кылыгырата сытар ???. Оччолорго сир анна ууланарын ким этиэ баарай. Уол, сир т?нн?гэ буолуо диэн, мас булан ?р?ттээн, хатырык хастаан сабан баран, буор кутан кэбиспит уонна: «Икки атахтаах таба хаампатын, икки харахтаах таба к?рб?т?н», – диэн ал?аабыт.

Кини, бу сир т?нн?гэ буолла?а, абаа?ы мантан тахсан дьон дуу?атын илдьэрэ буолуо диэн на?аа куттаммыт. Дьо??о эттэхпинэ, сэттээх-сэмэлээх буолуо диэн кимиэхэ да кэпсээбэтэх.

Иван Петров. Ньурба, ???лдь?. 1964–1965 сс. Б?л??тээ?и педучилище?а II кууруска ??рэнэ сылдьан суруйбут курсовой ?лэтиттэн.

???ЛДЬ?

Былыр би?иги сирбитигэр ???лдь? диэн ааттаах, ту?угар син эмиэ сура?ыра сылдьыбыт к??стээх ки?и олорбут. Манна Дыгын сэриилээн ыла кэлбитигэр, бу ???лдь? балтараа к?ст??х Андайбыт диэн сиргэ тахсыбыт. Бу тахсан, Бы?а?а?а Сирэй диэн оччолордоо?у сытыы-бы?ый ки?ини кытта, дьон хому?а, Хорула диэн ?рэх ба?ыгар тахсыбыт. Манна тахсан, кинилэр сырыыларын сылдьыах, кыайыахтарын кыайыах, хотуохтарын хотуох ки?ини булбакка, т?нн?н киирбиттэр. Аара кэлэн и?эн, Бы?а?а?а Сирэй ???лдь?т?гэр маннык диэбит: «Сура?ырдаллар-сура?ырдаллар да, би?иги ки?ибит ???н, дь???н?н-бодотун да к?рб?кк? кэлбиппит. ?л??х буоллахпытына, ийэ буорбутугар охтуохпут. Онон баран, с?пт??х сири булан, сэриилэ?эн к?р??ххэ».

Кинилэр манна с?п буолуо диэн икки улахан, Эбэ уонна Кэнэни диэн, к??ллэри силбиир сиргэ кэлэллэр. Бу силбэ?ии кэтитэ 1,5 биэрэстэ кэри?э. Оттон сэриилэ?эр сэппит диэн арай Бы?а?а?а Сирэйгэ оно?о?о суох ох баар эбит. «Бэйэлэрин киэнин бэйэлэригэр ыытыллыа», – диэн, улаха??а уурбаттыы, ки?итигэр хоруйдаан кэбиспит.

Бу икки ки?ибит Чохоол Туму?а диэн тумуска, оттон Дыгын – бэтэрээ ?тт?гэр сыппыттар. Дыгын ытыалаан киирэн барбыт. Онуоха ынараа??ылар кэлбит о?у тарбахтарын икки ардыгар кыбытан ыла-ыла т?тт?р? ыыталаан испиттэр. Дыгын, дьоно а?ыйаатар а?ыйаан и?эллэрин к?р?н, мутук дь?л?????нэн Бы?а?а?а Сирэйдээ?и к?р? сыппыт. Онуоха Бы?а?а?а Сирэй тумул т?б?т?гэр ойон тахсыбыт. Ону к?р?н, Дыгын оно?ос ыыппыт. Ынараа ки?итэ ону, кыбытан ылан баран, ???лдь?т?гэр эппит: «Ыл, к?р эрэ. Ол д?л?? ынараатыгар туох чо?улу?нууруй? Бу оно?ос онтон кэлэргэ дылы гынна дии», – диэн, балтараа биэрэстэ бэттэх сытар ки?ини ыйа-ыйа, эппит. Уонна, т?тт?р? ытан кэбиспитэ, Дыгын а?ар хара?ар кэлэн т?сп?т. Дьэ, онтон Дыгын, сатаныам суох дии санаан, ити сиртэн тэскилээн биэрбит.

Онтон Бы?а?а?а Сирэй, баттаммыкка к?м?, ата?астаммыкка алгыс буолуом диэн, сири кэрийэ барбыт.

???лдь?, бэйэтэ хаалан, кэргэн ылан, о?о-уруу т?р?т?н, ити сир улахан, киэ?, ??н??х сы?ыыларынан тар?атан, олордуталаабыт. Онтон ыла ???лдь? диэн аат и?мит диэн кырдьа?астар кэпсииллэр.

Дыгын уонна ???лдь?л??х Бы?а?а?а Сирэй сэриилэспит сирдэриттэн 1954 с. тиит т?б?т?гэр батары киирбит оно?ос т?б?т?н уонна ол сиртэн ох си?ин булаттаабыттара. Онон сэриилэспиттэрэ кырдьык. Ол гынан баран, эбээ?ин да ханна барыай дииллэр.

Софья Васильева. Ньурба, I Ха?алас. 1960-с сс. Б?л??тээ?и педучилище?а II кууруска ??рэнэ сылдьан суруйбут курсовой ?лэтиттэн.

ОЙО?ОС

Былыр Дь??к??дэ Эбэ Хотун кытыытыгар Ойо?ос диэн ки?и олорбута эбитэ ???. Кини ойо?о да, о?ото да суох эбит. Саас аайы бултуур идэлээх. Бэйэтэ икки миэтэрэ ?рд?ктээх эбит. Бу Ойо?ос диэн ки?ибит ойо?осторо барыта биир кэлим эбит. Дьэ, ол и?ин кинини Ойо?ос диэн ааттаабыттар.

Арай биирдэ саас кини бултуу тахсыбыт. Ол тахсан баран, биир кыталыгы хойумууннаабыт

. Кыталыгын сырсан, били??и Акана анныгар тутан ?л?рб?т уонна дьоннорун мунньан, бултаабытын малаа?ыннаабыт. Кини оннук кытыгырас ки?и эбитэ ???.

Ол кыталыгы туох баар дьо??о ?ллэрбиттэрэ биирдии сап ута?ын курдук тиксибитэ эбитэ ???.

Ойо?ос диэн ки?и у?уо?а Дь??к??дэ Эбэ Ха?ала?ын диэки ?тт?гэр баар. Кини у?уо?а, кырдьык, 2 миэтэрэ. Би?иги экскурсия?а сылдьан к?рб?пп?т. Улаханнык эмэхсийэн эрэр этэ. Ол гынан баран, би?иги ону хостооботохпут. Учууталларбыт к???ллээбэтэхтэрэ.

Тылы бы?аарыы:

Хойумуун – табыллыбыт, баа?ырбыт. Б?л?? дьонун т??лбэ тыллара.

Эбэ?ки тылыгар гоевун – баас, баа?ырбыт.

Евдокия Андреева. Ньурба, ???лдь?. 1960-с сс. Б?л??тээ?и педучилище?а ??рэнэ сылдьан суруйбут курсовой ?лэтиттэн.

???ЛДЬ?

I. Былыргы абыычай бы?ыытынан, к?т??т уол туора сиртэн с?ктэн кэлбит кийиит кыы?ы сыбаайбалыар диэри к?р?? суохтаах эбит.

Биир ыал уолларыгар кыыс с?г?ннэрэн а?албыттар. Эдэр дьон дьоллорун холбуур бар?а-мааны малаа?ын тэрийэргэ бы?аарбыттар. Ол ??р??лээх-к?т??лээх т?б?ккэ сылдьан, уол наар кыы?ын ту?унан саныыр. «Т??? эрэ буспут моонньо?оннуу ?г?р?к-т?г?р?к к?рд?, т??? эрэ килбиэннээх киис т??тэ хаастаах буолла, т??? эрэ иирэ талах курдук имигэс буолла» диэн санаалар наар тэ?итэ кэйэллэр эбит. Кэлэ-бара сылдьар дьон кыыс кэрэ дь???н?н с???н кэпсэтэллэрин истэн, тулуйбакка, хаппахчы аанын сэгэтэн к?р?н истэ?инэ, дьахталлар: «???йд?, ???йд?», – диэн аймала?а т?сп?ттэр.

Ити т?бэлтэ би?иги сирбитигэр буолбута уонна сирбит аата онтон тахсыбыта диэн кэпсээн баар.

II. Былыр би?иги сирбитигэр, Эбэ?э, сахалары кытта то?устар сэриилэспиттэр. Сахалар ба?ылыктара ???лдь? диэн, то?устар ба?ылыктара Омолдоон диэн эбиттэрэ ???.

Эбэ к??л?н у?уор-ма?аар турар икки тумултан кыргыспыттара ???. ?с т??ннээх к?н? бы?а ??г?л??-??г?л?? ?л?рс?б?ттэр, биэс т??ннээх к?н? бы?а кылана-кылана кыдыйсыбыттар. То?ус сэриилэрэ хотторон тахсыбыттар. ???лдь? бэйэтэ к??л у?уор, тумул ?рд?гэр, мас быы?ыгар турар Омолдоону а?ар хара?ын о?унан тэ?э ытан кэбиспитэ ???.

Итинтэн ыла ???лдь? би?иэхэ олохсуйан, ?с саханы ??д?тэн, т??рт саханы т?р?ттээн олорбута ??? диэн ???йээн эмиэ баар.

Мария Иванова. Ньурба, Акана. 1970 с. Б?л??тээ?и педучилище?а II кууруска ??рэнэ сылдьан суруйбут курсовой ?лэтиттэн.

ТААСТААХ

Бу сиргэ биир бухатыыр дьахтар Липпэ диэн сиртэн улахан таа?ы к?т???н а?алан бырахпыт ???. Ону ?сс? да илдьиэн, сыппатын быата быстан, бырахпыт ???. Кырдьа?астар к????н холонон к?рт? буолуо дииллэр. Ол таас билигин да сытар. Ким да кыайан к?т?хп?т, ?нд?пп?т да?аны. Урут нэ?иилэ сы?арыталлар эбит. Ол таас улахан, хара.

ЭМЭЭХСИН ТИИТЭ

Бу дэриэбинэ чуга?ыгар баар тиит. Бу тииккэ биир эмээхсин олорон ытыаласпыт дииллэр. Биир ки?илиин, к??л у?уор-ма?аар олороннор, ох саанан ытыаласпыттар ???. Эмээхсин олорбут тиитигэр хайдах эрэ ох саа оно?о?ун суола баарга дылы. Уонна ол эмээхсини, онно олорон, ?лб?т дииллэр. Ол тиит билигин да баар, улахан ба?айы, элбэх салаалаах.

Бу тиит анныгар ки?и у?уохтара бааллар.

Мария Степанова. Ньурба, Малдьа?ар нэ?илиэгэ. 1970-с сс. Б?л??тээ?и педучилище?а ??рэнэ сылдьан суруйбут курсовой ?лэтиттэн.

МАЛДЬА?АР ЭМЭЭХСИН

Малдьа?ар диэн манныктан тахсыбыт диэн сэ?эргииллэр. Былыр би?иги дойдубутугар Малдьа?ар диэн ааттаах баай эмээхсин олорбут. Кини т?р?пп?т о?ото суох ???. Ол и?ин, кинини ?йэтитээри, би?иги дойдубутун Малдьа?ар диэн ааттаабыттар.

Иван Алексеев-Уйбаан ?л?кс??йэп (1882). Ньурба, С?лэ нэ?илиэгэ. Санта?а а?атын уу?а, Ордьо?хо ийэтин уу?а. 1961 с. кэпсэппитим.

Т??ЛЭЭХ Д???РДЭЭХ Т?Л??Н ОЙУУН

Киниттэн с?лэлэр, Торуой Бордо? сорохторо, Пиэрибэй Бордо? сорохторо тар?аабыттар. Бултаан, балыктаан олорбут. Дьокуускайтан ойохтоох тахсыбыт. Киниттэн икки уол т?р??р: Ханта?ар Быгый, Суор Бас Боллуй-Торуой Бордо? соро?ун т?р?тэ.

Саха?а ?с хо?ооно баар. Буор к??стээх бордо?нор диэн.

<< 1 ... 16 17 18 19 20 21 22 23 24 ... 27 >>
На страницу:
20 из 27