Оценить:
 Рейтинг: 0

Эр киһи уонна дьахтар

Год написания книги
2010
Теги
<< 1 ... 4 5 6 7 8 9 10 11 12 ... 15 >>
На страницу:
8 из 15
Настройки чтения
Размер шрифта
Высота строк
Поля

Кыыстаах уол эмиэ быыллаах-буордаах уулуссаларыгар баар буоллулар.

– Ку?а?ана суох дьиэ дии? – диэтэ Бэргэн, арыый тэйэ т?сп?ттэрин кэнниттэн.

– Ха?аайын хайдах эрэ балабыай тыллаах-?ст??х, ки?ини кыбы?ыннарыах да, ???ргэтиэх да курдук, – Ксенья санаатын малтаччы эттэ.

– Ээ, кырдьа?ас дьон бары итинник тылга тии?эр буолан хаалаллар, туох буолуой, санаа?ар тутума уонна куоракка дьиэ дэбигис к?ст?бэт, итини да былдьыы иликтэринэ кэпсэтэн, ылар буолбуппутугар махтал, – диэтэ уол, кыы?ы саарба?алаппат гына.

– Тылга тии?ии – кырдьыы бэлиэтэ, – диэн, Ксенья бэйэтэ-бэйэтиниин кэпсэтэрдии ботугураата.

Сотору Ксенья со?уруу к?тт?, оттон Бэргэн ??рэ?ин ?м?р?тэ охсон, са?а дьиэлэригэр кы?ы??ы та?астарын кытта и?ит-хомуос, чаанньык-чааскы атыыла?ан а?алан хаалларда уонна дойдутугар айаннаата. Сайын устата кыы?ын, оо, ахтан да биэрдэ! ?л??нэ эбэ кытылыгар эти?нээх ардах т??н хайдах курдук имэ?ирэ-дуо?уйа тапта?а сыппыттарын ымпыктаан-чымпыктаан ?йд??т???нэ олус сылаанньыйан, эт-этэ итийэн кэлэрэ, эмиэ да: «Кэргэннэнним дуо, то?о т?ргэнэй, холостуой оло?ум барахсан, быра?аай, аны бэйэм бэйэбэр сылдьан б?ттэ?им», – диэн курутуйа саныыра. Дойдутугар аймахтарыттан тасты? убайа аах эр бааллар, кинилэргэ ыал буолан эрэрин ту?унан и?итиннэрдэ да, дьоно онтон ??рэн ?р? к?т? т?спэтилэр, к?нн?р? истэн эрэ кэбистилэр, арай са?а?а, кэм дьахтар ки?и буолан, кини бала?ыанньатын ?йд??н эттэ: «Харчы кыратык бэрсиэхпит».

Биир киэ?э почтаттан а?ыйах тыллаах тэлэгирээмэни а?алан биэрдилэр: «Куоракка эргилинним, а?абар эттим, эйигин кэтэ?эбин», – диэн. Кэргэн ылан эрэр кыы?а куоракка кэлбитин кэнниттэн Бэргэн туруон-олоруон булбата, сарсыарда у?угунна?ына, т?нн?к сабыытын быы?ынан тыргыллар к?н бастакы сарда?аларын кытта Ксеньята мичээрдээбит м?сс??нэ к?ст?н кэлэрэ. Киэ?э утуйаары сытта?ына, балаакка анныгар ?р?с долгуннара кытылга охсуллар тыастара уонна ыраах хойутаабыт мотуор ты?кыныыра, ону кытта субу ?р? тэбэ сылдьар тыгынас эмиийдэргэ т????нэн саба т??эн, уотунан умайар уостары у?а-таала уураа?ынтан тумнаста туймаарыы, куугунуу к?т?? сырал?ан уотугар ууллуу умсул?ана с?рэ?э му?наа?ы н??л?тэ м?????ннэрэрэ, хара?а ирим-дьирим буолара, тыынар салгына тиийбэтэ…

Ол и?ин оттоон б?тэн, ходу?аларыгар б?тэ?ик кэби?иилээх оту туруорсаат, Бэргэн су?аллык куораттаата. Бу сырыыга уопсайыгар таарыйбакка да, дьиэлээх-уоттаах ки?и сиэринэн, тута Сайсарыны быста. С?рэ?э тэбэ-тэбэ кэлииккэ аанын то?суйбутугар, кинини эрэ кэтэ?эн турбут курдук Дьараа?ын са?ата:

– Кимий? – диэтэ уонна хоруйдуурун кытта:

– Оок-сиэ, ха?аайын кэллэ! – диэн са?а аллайда уонна кэлииккэни сэгэттэ.

– Дорообо, до?ор! Оттон кэргэни? дьиэтин сууйан-тараан, ки?и билбэт гына о?орон, эйигин к??тэр, билигин суох, куораттаабыта, аны тыаттан а?ата кэлбитэ, дьэ к?т??т ки?ини ?тэн-ааньан, тургутан к?р?р? буолуо, ойо?оскор хатырыкта хаалан, хачыр-кучур тыа?ыыра буолуо, ?а-?а-?аах! – ?гэ?инэн эмиэ бэрт сатаархайдык к?ллэ.

Бэргэн суумкатыгар чугас бэлэмнии анньыбыт сугун барыанньалаах баа?каны хостоон ууммутун, ки?итэ ??рэ-к?т? ылла:

– Махтал, куорат чуга?ыгар сир а?а м?лт?х, урут Горнайтан, Ма?арас аттыттан сыл тахсар отоммутун булар этибит, быйыл мэлийдибит.

Уол олбуор и?игэр турар дьиэтин аанын тэлэйэ баттаат, со?уйан, аан чанчыгар ?й?н?н турда. Муоста кытархай кырааската са?ардыллан, ки?и халтарыйыах айылаах к?л?м?рдэс лаа?ынан кылбачыйар, о?ох ?р?? оппуоханан сотуллубут, быы?ынан бырдьайар буор мэлийбит, билиитэ?э ыга хаппахтаммыт к?ст?р??лэ, кэтит орон утуйар та?а?а сибэкки ойуулаах анал сабыылаах, куру?уба ойуулаах устуоралаах со?отох т?нн?к анныгар кыракый остуол к??х ыскаатарыгар кини атыыласпыт и?иттэрэ кэккэлээбиттэр, орон ?рд?нээ?и долбуурга а?ыйах кинигэ, кытыытыгар Шолохов статуэтката. Кыыс о?о барахсан диэн дьэ маннык буолла?а, барыта уруккутун курдук, сайы??ы нуурал киэ?э к???с-к???стэригэр ?й?мм?т уоллаах кыыс хартыыналара да уларыйбатах, ол эрээри дьиэ и?э исти?, ыраас, орун-оннугар: «Ксеньям барахсан ?т?? да ха?аайка буолсу, – диэн и?игэр ??рэ санаата уонна кини а?атын кытта билсэриттэн эмиэ да дьулайан кэллэ, – дьэ хайдах-туох билси?ии буолар, со?отох кыы?ыгар тиэрдибэккэ сирэн кэбиспэт ини, хайыахпыный – син биир ха?ан эрэ хайаан да к?рс?р-билсэр т?гэммит ту?аайыахтаах буолла?а…»

Уол ааны т?тт?р? а?ан, аан айа?ар бачыы?каларын хаалларда, ол кэнниттэн дьиэ?э сэрэнэн сыбдыйан, Шолохов статуэткатын илиитигэр ылан ыара?натта – мрамор кыра олбохтоох, хара?а кырааскалаах ылта?ын буолан лис курдук, кэтэ?эр: «ск. Арапов Г.Е.» диэн суруктаах, т?тт?р? уурда, онтон о?ох ?рд?нээ?и к?ст?р??лэни аспытыгар миин сыта саба биэрдэ. ?ч?гэй, олус ?ч?гэй! Оок-сиэ, кэргэннээх буолар диэн бэрт да эбит!

Сис туттан, о?ох эркинигэр сыстан турда, уун-утары кыыстаах уол бугул тэллэ?эр к?хс?лэринэн сыстан сылаанньыйан олорор хартыыналара, ити курдук кинилэр Ксеньятынаан эмиэ баран и?иэхтэрэ буолла?а олох суолун устун бэйэ-бэйэлэригэр ?й?н?н, то?хойо кырдьыахтарыгар диэри…

6

К???н кэлэн, саахса?а сайабылыанньа биэрбиттэрэ, саахсаланыы ту?унан докумуону ылар к?ннэригэр бииргэ ??рэнэр уолаттарын-кыргыттарын ы?ыран, кафе?а хас да остуолу холбуу тардан бэлиэтээбиттэрэ. Ити курдук орто дойдуга Бэргэн уонна Ксенья Уйбаныаптар диэн ыал баар буолбута.

Кыыдаан кы?ын обургу муустаах кырыанан илгистэн, тымныынан силлиэрэн кэлэ охсубута. Сайсарыга Бэргэннээх олорор ыалларын олбуорун и?э ыраастык к?рдь?лл?б?т?гэр сиппиир уонна туора к?рдьэх анньыллыбыттар. Олбуор и?игэр онтон атын туох да суох, уу чуумпу, б?г?н Ксеньята то?о эрэ хойутаата, Бэргэн сарсын буолуохтаах сэминээргэ бэлэмнэнэригэр, бэйэтэ да ?йд??б?т?нэн, т?нн?г?нэн та?ырдьаны одуула?а олорор буолар. Бэйи, бу кыыс то?о хойутаата, ??рэ?э б?пп?тэ да син балачча буолбута чахчы. Уулусса?а массыына тыа?а тохтообутугар, эмиэ к?р? т?стэ – кэлииккэ а?ылынна уонна буут эти с?кп?т Дьараа?ын улахан дьиэтигэр к?л?к?чч?йдэ, кэнниттэн кууллаа?ы туппут ки?и батыспыт. Ити аата, ыаллара тыаттан кэллэ?э, лааппыларга эт тамты эстэн, билигин тыаттан ситимнээх дьон эттэрин-??ттэрин булунан олороллор. Эбэтэр ити Дьараа?ын курдук, кэлэри-барары, ылсары-бэрсэри сатыыр дьон, хантан эрэ эти-балыгы а?алан ба?аарга илдьэн атыылаан, син ?п-харчы булуналлар бы?ыылаах.

Бэргэн биирдэ киниттэн эт атыыла?аары ыйытан баран, сыаната ыарахана бэрдиттэн ча?ыйбыта: «Устудьуон дьо??о кыратык чэпчэппэккин дуо?» – диэбитигэр ки?илэрэ: «Миэхэ устудьуона-миниистирэ, нууччата-сахата син биир, сыана уларыйбат, харчы сыта суох», – диэн кэбиспитэ. Кэлин ?сс? толуон олохтоон абыраатылар, ол иннинэ ыарахан кэмнэр этилэр, ханна эрэ эт тахсар сура?ын и?иттэхтэринэ киэ?э кэлэн уочараттыыллара уонна ма?а?ыын сабыллыбытын кэнниттэн уот отто-отто, к?????? хара?а т??н уочараттаан та?ырдьа хоноллоро, ол кэнниттэн ма?а?ыын а?ылларыгар, ааны к??? анньа сы?ан, ойо?ос тостор улахан уочаратынан и?ирдьэ кутулла т??эллэрэ. Дьэ итиннэ араас айдаан, эти?ии тахсар – бы?а киирэ сатаа?ын, хас да сиргэ уочаратттаа?ын, билсэр дьонун: «Манна турбута», – дии-дии уочаракка бы?а киллэрэргэ холонуу, аны эт б?тэн эрэр диэн, уочараттара тиийбэккэ хаалар куттала, ол аайы ардыр?а?ыы барыта баар. Оннук дьаабыланан, урааннаах у?ун к?н? бы?а тэбинэн туран, киэ?э ма?а?ыын сабыллыыта биирдэ ы?ырар-ымсыырдар атыыла?ааччыга тиийэн, биир ки?иэхэ тиксэр икки киилэ эттэрин сыы?ынан б?тэ тураллара.

Бэргэннээх ?кс?н балык кэнсиэрбэтин ылан миин о?остоллор, син миин испит курдук буолаллар, ол курдук инчэ?эй тирбэ?э быстыбатынан сыккыраан олордохторо. Толуонтан ураты, таайа биирдэ эмэтэ эт бэрсэр буолан абырыыр. Кини таайа кэпсииринэн, 70-с сылларга диэри араас эт, халба?ыы дэлэй ???, уочарат суох, ?р???л?мм?т кырбастартан анал биилкэнэн дь?л? анньан, с?б?лээбиттэрин талан ылаллар эбит, ол со?отохто ханна мэлис гынан хаалбытын бэйэлэрэ да бэрки?ииллэр.

Са?а ыал дьиэлэригэр уруккуттан эбиллиилэрэ диэн – прокаттан уларсыбыт ??? суох тэлэбиисэрдэрэ биир муннугу барытын к??нтээбит. Киэ?э о?охторун оттон баран, кыара?ас дьиэлэрэ сыыйа сылыйан барарын к??тэ сытан, тэлэбиисэрдэрин к?р?лл?р?, онтукаларын «аан дойдуга т?нн?к» диэн, ха?ан эрэ Б??т?р ыраахтаа?ы Петербург куораты тутан баран, «Европа?а тахсар т?нн?к» диэбитин маарыннатан ааттыыллара.

Бэргэн экрана харааран турар тэлэбиисэрин к?рб?хт??т?, билигин кинилэр сериал диэн хас киэ?э ахсын субуруччу сал?анан барар киинэлэри к?р?н, ханна эрэ ыраах Латинскай Америка?а буолар дьоннор ??р??лэринэн-кы?ал?аларынан олороллор, киэ?э киинэ кэллэр эрэ ыаллар бары тэлэбиисэрдэрин иннилэригэр хатаналлар…

Санаатын ситимин бы?ан кэлииккэ тыа?аабытыгар, Бэргэн т?нн?ккэ сыстаат, с?рэ?э ??р??нэн туолла – кырса са?алаах сонноох уонна эмиэ оннук бэргэ?элээх до?оро барахсан ма?ан хаартан да ыраастык туналыйа сырдаан и?эр. Ма?ан хаар ???н?? ып-ыраас Ксеньята турта?ныы дайан и?эрэ ?ч?гэй да?аны… Кэргэнэ илиитигэр суумкалаах, онтон суон халба?ыы у?уга к?ст?р. Ити халба?ыы сыралаах уочарат т?м?гэр ылылынна?а, ол и?ин Бэргэн Ксеньятын хайгыы санаата: «Оок-сиэ, до?орум барахсан т???л??х ?р уочаракка турбута буолуой…» Ити кэм?э кыыс ыксаан-бохсоон ахан ааны аста, ?р?? туман дьиэлэрин и?ин к?дэриктийэ толордо.

– Бэргэн! – диэтэ кыыс, та?а?ын да устубакка эрэ, – бу аттыбытынаа?ы ма?а?ыы??а халба?ыы киллэрбиттэригэр т?бэ?эн, хата, тигистим, аны киэ?э сымыыт тахсар ???, онно эмиэ уочараттаатым, билигин а?аан баран иккиэн барыахпыт, онно уочараккын булларан баран, мин кэлиэм. Хата ма?а?ыын дьиэбититтэн чугас, онон сымыыт тахсыар диэри хардары-таары туруохпут…

«Эмиэ эт, халба?ыы айдаана, – Бэргэн сибили??и ?р? к?т???лл?б?т иэйиититтэн туох да хаалбакка, сииктии симэлийдэ, – бу туох ааттаах иэдээнэ т?б?лээтэ, бачча улахан дойду эрээри, нэ?илиэнньэтин а?атар эти-халба?ыыны о?орон та?аарар кыа?а суох, соторутаа??а диэри барыта баара дии, уларыта тутуу диэн са?аланыа?ыттан ханна барыта с?тэн хаалбыт бэйэтэй…»

Ксенья тиэтэлинэн килиэби бысталаата, арыы сыы?ын уонна мэлии саахары уурталаата, муора бытархай балыгыттан кэнсиэрбэни аста. Онтон атын ки?и сонургуур астара суох буолла, иккиэн утарыта к?рс?н олорон саахардаах, арыылаах килиэптээх хара чэй истилэр, биилкэнэн килиэпкэ балыгы сыбыы-сыбыы сиэтилэр, онтон Ксенья ыйытта:

– Сарсы??ы сэминээргэр бэлэмнэнни? дуо?

– Оттон син, – диэн хоруйдаата Бэргэн уонна т?нн?г?нэн к?рб?т сонунун кэпсээтэ. – Ыалбыт хантан эрэ ата?ынан эт а?алла.

– Абыраммыт дьоннор, – диэн баран Ксенья ???э тыынна, – бу олоххо Дьараа?ын курдук кэлэр-барар дьон эрэ этэ??э олоруу?улар. Оттон би?иги курдук тыаттан улахан к?м?т? суох устудьуоннар ас-та?ас булбакка улаханнык эрэйдэнии?ибит бы?ыылаах, ??рэхпитин б?тэрэн, ?лэ?ит буоллахпытына ?р?? харахпытын дьэ ?р? к?р?р инибит.

– Тыа?а да олох лаппа кытааппыт дииллэр, сопхуостар эстэн эрэллэр ???, судаарыстыба аны харчы биэрбэт буолан, сопхуос ?лэ?иттэрэ хастыы да ый хамнастарын ылбакка букатын иэдэйбиттэр, ол и?ин биирдиилээн ыаллар т?мсэннэр баа?ынай ха?аайыстыба диэни тэринэн эрэллэр ???.

– Оччо?о тугуй? Сопхуостар эстэллэр дуу?

– Оннугар тиийэр.

– Дьэ дьикти эбит, оччо?о былыргы курдук бытархай ха?аайыстыба?а к???? буолсу, итиччэтигэр хаппыталыы?ым?а т?нн????б?т дии?

– Кэбис, до?ор, аньыыны са?арыма, – диэн Бэргэн кэргэнин буойда, – аны тылбытыттан ыйана сылдьаайабыт, «бассабыыктар бараммат к??стээхтэр» диэн этэллэр дии, Сэбиэскэй былаас оннук судургутук сууллубата буолуо ээ. Хата, олоруохтаа?ар тэлэбиисэрбитин холбуохха.

Тэлэбиисэр экрана сырдаабытыгар, иккиэн са?ата суох ону одууластылар – сонуннары биэрэ тураллар эбит, Горбачев хайа эрэ омук сиригэр уулусса?а хааман нэлэлдьийэ-хотолдьуйа сылдьан, дьо??о тугу эрэ кэпсиир, кэргэнэ Раиса аттыгар туран, кини хас биирдии тылын бэркэ бол?ойон истэр. Онтон атын сирдэртэн кадрдар элэ?нэстилэр – ба?ыйар ?ксэ армяннар олорор Нагорнай Караба?ы Азербайджантан та?ааран, Армения?а киллэрии ту?унан олохтоох армяннар туруорсууларыттан сылтаан иирээн, миитиннэр, эбиитин Армения?а сир хамсаан, урусхал ортотугар сытар дьиэлэр, ону Азербайджа??а сэтэрээччилэр баар буолуулара…

– Ээ, абаа?ыны сабан кэбис, – диэтэ Бэргэн, – туох аанньа сонуну кэпсиэхтэрин, хата халба?ыыга тиксбиккин, маладьыас, аны сымыыт ылларбыт…

– Ыарахан да кэмнэр кэлэн эрэллэр бы?ыылаах, тыа?а сопхуос суох буолла?ына дьон хайдах олорор? – диэтэ Ксенья тарба?ын ?рд?гэр кураанах б?л???этин эргичитэ-эргичитэ, ол ойуутун кы?аста?а олорон, – ??рэхпитин б?тэрдэхпитинэ, куораттан на?аа ырааппатарбыт бэрт буолуох этэ…

– Чэ, бастаан ??рэхпитин б?тэриэххэ, уоннаа?ыта бэйэтэ к?ст?н и?иэ этэ буолла?а…

Ити курдук уку-сакы чэйдээн баран, ма?а?ыыннарыгар бардылар, лаарга диэри хаста да эргийэн тиийэр у?уннаахай уочарат субуллубут, Ксенья тиийэн, ким кэнниттэн ханна турбутун булла, иккиэн у?ун синньигэс уочаракка к?н? бы?а турардыы дьиппиэн к?р??нэрин ылыннылар.

7

Бэргэн биир киэ?э дьиэтин аанын а?аат да, Ксеньята о?ох иннигэр олорорун к?р? т?стэ. Б?г?н кэргэнэ эрдэлээбит, остуолга а?ын-??л?н тардыбытыттан сылыктаатахха, син балача ?р к??пп?т бы?ыылаах. Кэргэнэ эрдэ кэлбититтэн уол ??рдэ, ?кс?гэр дьу?уурустубата э?ин буолан, хайдах эрэ мэлдьи кини хойутуур буолара, онон тугу эмэ бу?аран то?уйуу ?кс?н Бэргэ??э тиксэрэ.

– Хайа, б?г?н дьу?уурустуба? суох дуу? – диэтэ Бэргэн эгэ-дьа?а уонна та?а?ын уларытта туран Ксенья хайдах эрэ сэниэтэ суох «ыык» диэбитигэр со?уйан, бол?ойон к?рб?тэ – кэргэнин сирэйэ-хара?а хайдах эрэ салба?ырбыт, ытаабыт бы?ыылаах.

– Тыый, бу хайдах буоллу?, ким ата?астаата? – дии о?уста.

– Суох, ким да ата?астаабата эрээри… – кыыс с?рдээх туруору хайаны дабайан тахсыбыт ки?илии эмискэ к??скэ т?л? биэрдэ уонна: – Биир м?лт?х сонуннаахпын, б?г?н баран дьахталлар консультацияларыгар сырыттым, ону чинчийэн к?р?н баран, миигин о?ото суох буола?ын диэн бы?аардылар, – Ксенья эмискэ куола?а титирэстээн, ытаан барда.

Бэргэн кэргэнин а?ынан, т?б?т?н т????гэр ыга тардан баран, бокуойа суох батта?ын имэрийэ-имэрийэ сыллаата-уураата:

– До?оччуок, уоскуй даа уоскуй, ол алдьархай буолбатах, на?аа ыксаамыах, билигин эмп к??стээх, ба?ар, эмтиэхтэрэ.

Кыыс хара?ыттан ып-ыраас таммахтар тохтоло суох тобур?астылар:

– Мин о?о мааткалаах ???б?н, онон туох да быы?аабат…

Бэргэн ыксаата уонна:
<< 1 ... 4 5 6 7 8 9 10 11 12 ... 15 >>
На страницу:
8 из 15

Другие электронные книги автора Егор Петрович Неймохов