Оценить:
 Рейтинг: 0

Үһүйээннэр, номохтор

Год написания книги
2018
Теги
<< 1 ... 5 6 7 8 9 10 11 12 13 ... 27 >>
На страницу:
9 из 27
Настройки чтения
Размер шрифта
Высота строк
Поля
Былыр биир ки?и, алта мастаах болуот о?остон баран, бу к??л ортотугар киирбит. Балыктыы. Эмискэ болуота к??рчэхтии ытыллыбыт. Долгуннуран барбыт. Ки?и к?рт?, болуоту икки ?тт?нэн к?ст?р харахтаах ханнык эрэ харамай тахсыбыт. Ки?и куттаммыт. Нэ?иилэ тыаны булбут. Ол биллибэт харамай кустар к?т?н кэлбиттэриттэн биири сиэбит. Онтон тиистээх баар к??лэ диэн буолбут уонна Тиистээхтээх диэн ааттаммыт. Урут ?сс? этэр этилэр, бу кыыл биир аты уонна ы?ыыры сиэбит диэн.

Василий Николаевич Захаров. Б?л??, Тылгыны нэ?илиэгэ. 1970 с. 84 саастаа?а.

?ААРАА ЭМЭЭХСИН КЭПСЭЭНЭ

Ты?ыкыыс диэн улахан к??л баар. Былыргыта Ты?ы Кыыс диэн дьахтар олорбут. Ол аатынан ааттаммыт. Би?иги Эбэ диибит. Ар?аа Эбэ.

Тылгыны диэн эмиэ дьахтар олорбут ???. Тылгыныга ??с арыы баар. Тиит арыы. Онно дьаамалаахтар сэриилэспиттэр. О?унан. Тыаттан омуктар кэлэн ытыалаабыттар. Онно сорохторо ?лб?т, сорохторо куоппут. С?рдээх угут эбитэ ??? онно. Икки тииккэ олуктаабыт олуктара тураллар ???.

Хотторуу буолан, М?к? диэн ки?и харбаан тахсыбыт. Ол тумул билигин М?к? Тумула дэнэр. Иккис ки?и Таа?ыкы Тумула диэ??э тахсыбыт. Таа?ыкы. Ол икки ки?и, харбаан, куотан тураллар.

Тыатаа?ы дьон, киирэннэр, тутаттаан ылбыттар бэриммиттэрин. Биир дьахтары ордорбуттар. Тойоннорун ойо?ун ордороннор, илдьэ бараллар. Ны?ыйан кээ?эн бараннар. Дьэ, баран, били арыыттан тахсаннар, тыа?а истэн турдахтарына, арыыга и?иллэр кыланыы: «Мин хара т??к?ттэри син биир ситиэ?им», – диэн. Ону т?нн?н киирээри гыммыттар. Ки?и орпут эбит диэн. Ону дьахтар эппит: «Бу алдьархайдаах сибиэн сир. Ки?и буолбатах, сибиэнэ», – диэбит. Ону кирдиктэнэн, дьэ, бараллар.

Били дьахтар сэттэлээх уоллаах эбит. Ол уол буолла?ына, били хотторуу буолбутугар – к??д?й ба?айы умнастаах хочуон от диэн баар, билигин да ??нэр – ол оту бы?ан ылан, ууга тимирэн сыппыт. Са?ан. Барбыттарын кэннэ, билигин турар тииттэр т?б?л?р?гэр тахсан, ха?ыытаабыт. С??п. Дьэ, баран хаалаллар. К???н и?эллэр. Эмиэ сэрии к?рд?? к???лл?р. Ол и?эн, дьахтар туой кэлбит суолун дьуолка охсон и?эр ???. Дьэ, ону: «Бу тугу? дьиктитэй. То?о дьуолкалыыгын, тугу баты?ыннараары гына?ын?» – дииллэр ???. Ону дьахтар эппиэттиир ???: «Суола-ии?э суох сиринэн сылдьар дьон эбиккит. Ха?ан эрэ мунан-тэнэн сырыттахха, бу ?ч?гэй сир эбит, ааспыт сирим эбит диэ?им», – диир ???. Ээх дэ?эн баран, бара турбуттар.

Кинилэр ура?анан сылдьар дьон. Биир сиргэ ура?анан олороллор. Уол, дьэ, ки?и буола улаатар. С??рбэччэлээх ки?и буолар, сэп булунар. Тугу да ки?илээбэт ки?и с?рдээ?э буолан тахсар. Дьэ, били дьуолканы к?рд??р. Ону батар. С?тэрэн кээ?э-кээ?э булан, биир ура?а?а кэлэр. Са?а сытан чу?нуур уол. Ол чу?наата?ына, ийэтэ баар эбит. Эр ки?и биир да суох эбит. Бултана барбыттар бы?ыылаах. Ийэтин илиитинэн са?а сытан эрэн, ы?ырар. Ийэтэ кэлэр. Ийэтэ у?ан хаалар. Имэрийэн, тилиннэрэр.

«Хайа, дьоннору??»

«Дьоннорум бултана бартара. Сэрии да к?рд??ллэр».

«Эн кэргэни?, а?абын ?л?рб?т ки?и, баар дуо?»

«Баар. Миигин ойох гына сылдьар. Дьэ, то?ойуом, эн бар. Туох да алдьархайдаах ки?и. О?унан ыттахтарына, ыраа?ар кыбытан ылар. Атын сиргэ бар».

«Суох. Барбаппын. Хайаан да?аны ?л?р??м».

«Чэ, оччо?уна мин с?бэлиим», – диир дьахтар.

«Чэ эрэ. Хайдах с?бэлиигин?»

«Олох хара?а?а кэлэллэр. Мин эт бу?аран уурабын. Онно бу ура?абыт хаба ортотугар а?ыыллар. Т?г?р?йэ кэчигирэ?э олорон эрэн. Ч?мэчилээх буолабыт. К?л?ктэрэ бу олорор буолуо?а. Биир ки?и ???э олорор буолуо. Мин кэргэним устуулга олорооччу. Ура?аны к?хс?н ту?унан ма?ынан дь?л? анньыа?ым. Бэйэ?ин бэйэ? билинээр».

Уол к?рб?тэ – кэлэллэр. С?гэ?эр б???н? а?алан, та?ырдьа тамнаан баран, а?аан-сиэн дьаабыланан бараллар. Ийэтэ эппитин курдук, кэчигирэ?эн олороллор. Биир ки?и ???э олорор. Ийэтэ буолуо, ура?аны дь?л? анньар. Онон курдаттыы тыыннарар. Киирэн ны?ыйталаан баран, ийэтин илдьэ барар.

Мас ?йэтэ бэрт эбит. Ол тииттэр билигин да?аны тураллар.

?аараа эмээхсин диэн балтараа с????н туолбут эмээхсин баар этэ. Ол эбэм сэ?эргиир этэ диэн сэ?эргиирэ. Иккис тиис ??нэн баран ?лб?т эмээхсин ол ?аараа. Ол эмээхсинтэн, син улахан ки?и буолан баран, истибитим. Отучча саастаахпар.

Федор Павлович Кононов. ???ээ Б?л?? улуу?а, III К??лэт нэ?илиэгэ. 1970 с. Б?л?? ?г?лээтигэр суруйарбар 73 саастаа?а.

?Г?ЛЭЭТ Т?Р?ТТЭНИИТЭ

?г?лээттэр то?ус т?р?ттээхтэр. Т?п?р??н диэн. Онтон эбиллибиттэр Наахара а?атын уу?а, Дьаархан а?атын уу?а. Дьаарханнар – Марха быстахтара. Хаа?ыналарын онно киирэн т?л??ллэр ???. То?ус а?атын уу?а: Чорду то?устар, О?о?остоох а?атын уу?а.

Онон онтон-мантан самсанан, киэ?, улахан нэ?илиэк буолбут. Сэ?э??э итинник этэ. Т?п?р??нтэн т?р?ттэммит а?а уу?а эстэн турар. Арай ити Луукун Хаппытыан, Сутукаанап Хабырыыл бааллар уонна барыта туораттан кэлбиттэр. Т?р?т ?г?лээттэр итилэр уонна, аа?ыстахха, биир эмит баара дуу?

Быстах ?г?лээт диэн соро?о Торуой К??лэт ар?аа, хоту ?тт?гэр олорбуттар. Кинээстэрэ – манна. Торуойу? диэн быычыкаан. Орто Б?л?? Таа?а?арын быста?а. Эмиэ Орто Б?л??гэ хаа?ыналарын т?л??н олорбуттар. Булдугар-а?ыгар тартаран, олорон хаалаллар уонна а?а уу?ун т?р?тт??ллэр.

Василий Федотович Яковлев. Б?л??, ?г?лээт нэ?илиэгэ. 1970 с. кэпсэтэрбэр 80 саастаа?а.

НААХАРАЛАР ?Г?ЛЭЭККЭ

Би?иги – наахараларбыт. Наахара ?г?лээккэ элбэх. Сорох а?а уу?а имиттэн да суох. ?ксэ наахара олорор.

Т?р?пп?т Дьокуускайтан кэлбит. Сээпилэ – ма?най кэлбит. Онтон Хаандыр т?р??б?т. Онтон – Ч???ч?к диэн. К??стээх ки?и ??? ол. Оло?хону кэпсиир курдук. Ол и?ин Ч???ч?к диэбиттэр. Улахан, ити атыыр о?ус, ону, икки муо?уттан ылан баран, ?т?р?йэн ?р? анньан та?аарара ???. Сылгы атыырын, сайын таалалаан сытар атыыры, туруорбат ???. Ч???ч?кт?н т?р??б?т ки?и с?рэхтэммит. Ол аата Б??т?р диэн буолбут. Ол Б??т?ртэн т?р??р мин э?эм. Дьаакып диэн. Онон Яковлевтар диэн ааттанабыт би?иги. Онтон мин а?ам т?р??р. С?д??т диэн. Онтон ити мин т?р??н олоробун. Ити дьон диэн ?йэлэрэ у?ун ?йэлээх дьон. Мин э?эм с????н туолуо сыл а?арынан тутайан ?лб?т. А?ам буолла?ына 95 саа?ыгар ?лт?.

Т?П?Р??Н

?г?лээти олохтообут ки?и Т?п?р??н эбит. То?ус. Бу мантан 12 к?ст??х сир Ама?аах баар. Бастаан бу то?устар бу сиргэ олорон испиттэр. Онтон икки к?с бэттэх Манабычаан диэн баар. Онно сы?арыйан кииртэр. Онтон киирэн кэлтэр. Улам сы?арыйан и?эр дьон эбит. Мыччагдаан диэ??э киирэллэр. Мантан биэс к?с. Онтон кэлбиттэр. Курдай диэн сир баар. Былыргы алаас. Дьэ, онтон бу дойдуга кэлэн испиттэр.

Ол аайы хойгуо

туруоран испит. Хоту ?тт?б?т?гэр Тириэтэй К??лэт диэн баар. Сургуулук диэн баар. Бу икки ардыгар, саха ортотугар бу ки?и? киирэн и?эр. Тириэтэйи? – Аллараа Нам быста?а. Манна киирэн, бу к??ллэри хорон, ыал о?ортоон и?эр эбит. Албас ки?и эбит. С???? биэрэр эбит. К?л? биэрэр эбит. Устунан да?аны. Икки хара?а суох.

???ээ Б?л??, дьэ, ??с?? буолар. Сирбитин былдьаата диэн. Икки нэ?илиэк ыккардынан киирэн. Куорат суута баар буолуо. Олору? бы?аарбаттар эбит. Ол и?ин, дьэ, Дьокуускайдаабыттар. Атынан. Дьокуускайтан суут кэлбит. Ха?аахтаах ???. Болбуоттаан кэлбиттэр

Т?п?р????э. Икки хара?а суох. Тайахтаах. «Би?иги ойуурга сылдьарбыт ку?а?ан. Бырадьаах сылдьарбыт ку?а?ан», – диэбит.

Эппиэтэ с?рдээх буолуо буолла?а. Барыта ыал баар. Бу хоруллубут сиргэ. Ы?арыйыы б??? буолбут. М???? б??? буолбут. Тойон т??скэ аспыт. Т?п?р??н тайа?ынан охсубут. Тойон т?тт?р? олоро т?сп?т.

«Тойонуом, ха?ааккар кырбатыма», – диэн баран, тайа?ынан охсор. Тойон икки хоммут дуу, ?с хоммут дуу. Атыттар барбыттар. ???ээ Б?л?? дьоно.

Т?п?р??н оонньуу тэрийбит. Бэсиэлэй о?орбут. ?ч?гэйдик бэлэхтээбит. Сыспытын да санаабыт, сирин да ылбыт.

Тойон: «Саха буолтар. Сахалыы олороллор эбит», – диэбит. Т?п?р?????н хай?аабыт. ?йд??х ки?и эбит диэбит. Онон саха буолан хаалбыттар. Тэрийбит ки?и – ол.

Т?п?р??нтэн билигин ким да суох.

Кэпсээнньит тылы бы?аарыыта:

Хойгуо – дьуолка о?ороллор. Кыраныысса?а сири быы?ыыллар. Ма?ы суоран о?ороллор. Былыр ??рэх суо?ар тугунан бэлиэтиэхтэрэй?! Ма?ынан-отунан буолла?а дии.

Болбуоттаан кэлбиттэр. Болбуот (эргэр., нуучч. «подвод») – нэ?илиэк дьоно уочаратынан айан дьонун та?аллар – «подводная повинность». Э. К. Пекарскай а?албыт биир холобура маннык: «Биэс нэ?илиэк уопчастыба болбуотунан олороллор».

Василий Осипович Каратаев-Багдарыын Ба?ылайа. «А?ам аата Багдарыын. Ааппын былдьа?а сылдьа?ын», – диэбитэ. Б?л?? Боро?оно. Мэ?э а?атын уу?а. 1990 с. 64 саастаа?а.

МЭ?Э КЫЫС

Мэ?э сирэ – учаастак. Мэ?э диэн ааттаммыта – ити Мэ?э Ха?аластан сылгы иитийэхтии кэлбиттэр ???. Сутааннар, от сии. Баай хамначчыттара буолла?а. Биир дьахтар о?оломмут. Кинилэртэн. Кыыс ???, бада?а. Ынах ба?ын а?аарыгар атыылаан кээспиттэр. Ынах ба?ын а?аарын биэрбит баайга биэрбиттэр. Дьэ, ол кыы?ы? уу?аабыт, т?р?ттэнэн. Мэ?э Кыыс диэн ааттанан, Мэ?э диэн буолбут.

Ынах ба?ын а?аара атыылаах дьон диэн туох дьоллоох-соргулаах дьон буолуохтарай диир буолаллара боро?оттор.

Семен Алексеевич Чыбыков. Б?л??. Кыргыдай оскуолатын дириэктэрэ. 1979 с. суругуттан.

БУЛГУМАР

Булгумар хо?уун Кыргыдай хо?ууна эбит. Ыарыкчаан диэн сиргэ к??л туму?а?ар олорбут. Ураты к??стээх, ох саанан олус бэргэнник ытар ки?и эбит. Кини Кыргыдайын эрэ буолбакка, чугас нэ?илиэгин Ха?ыны эмиэ ?ст??хт?рт?н ара?аччылыыр ?гэстээх эбит.

<< 1 ... 5 6 7 8 9 10 11 12 13 ... 27 >>
На страницу:
9 из 27